29 Кулун тутар 29.03
  • -11°
  • $ 92,26
  • 99,71

Владимир Путин: тохсунньуттан хамнас үрдүөҕэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ, сэтинньи 30 күнүгэр, бырабыыталыстыбаны кытары ыыппыт мунньаҕар ыам ыйынааҕы ыйаахтар туолууларын көрдө. Чуолаан бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтии боппуруоһун көтөхтө, диэн Саха сирэ суруйар.

Санатан эттэххэ, Владимир Путин 2012 сыллаахха “ыам ыйынааҕы ыйаахтар” диэн ааттаан хас да докумуону таһаарбыта. Ол иһигэр бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын түһүмэҕинэн үрдэтии киирбитэ.

— Биһиги бу уонча сыл устата бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын түһүмэҕинэн үрдэтэн кэллибит. Билигин биһиэхэ биир сорук турар – дьон дохуота кыччаабатын ситиһии. Онон хамнаһы үрдэтии бэбиэскэттэн түспэт. Манна улахан оруолу эрэгийиэннэр ылаллар эрээри, эрэгийиэннэринэн бүддьүөт тус-туһунан буолан, ыйаах сорох пууннара сүүс бырыһыан туола иликтэр. Эрэгийиэн салайааччылара бу туһунан сөпкө этэллэр. Билиҥҥи туругунан, ыйаахха этиллибит бары пууннары уон эрэ эрэгийиэн барытын толорон олорор. Эрэгийиэннэр бүддьүөттэрин тыырыыларыгар хамнаһы үрдэтиини бастакы уочарат көрүөхтээх диибит, ол эрээри сорох эрэгийиэннэр бүддьүөттэрэ кыччаан, бу пууну кыайан толорбот кутталлаахтар. Онон федерацияттан манна көмө барыахтаах. Бырабыыталыстыбаттан көрдөһүөм этэ, федеральнай көмөнү бүтэһиккэ диэри тардымаҥ, тохсунньуттан саҕалаан бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара индексацияланыахтаах. Көмөҕө наадыйар эрэгийиэннэр бүддьүөттэригэр тохсунньуттан саҕалаан көмөнү ылыахтаахтар, — диэн бэлиэтиир Владимир Владимирович.

Ааптар: Аграфена Кузьмина

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА