Өрөспүүбүлүкэҕэ судаарыстыбаннай өйөбүлү — чэпчэтиилээх эмтэри — 200 тыһыынчаттан тахса Саха сирин олохтооҕо ылар. Бу эрэгийиэн хас бэһис олохтооҕо. Бу көмө сүрэх-тымыр уонна саахар диабета курдук хроническай ыарыылаахтарга, быраас анаабыт эмтэрин туруктара мөлтөөбөтүн туһугар тиһигин быспакка иһэр наадалаах дьоҥҥо, ураты суолталаах диэн өрөспүүбүлүкэ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Медицинскэй көмө уонна эминэн хааччыйыы табыгастаах буолуутун үрдэтии Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Уһун уонна көхтөөх олох» национальнай бырайыак хайысхаларыттан биирдэстэрэ. Судаарыстыбаннай өйөбүл миэрэлэрин олоххо киллэрии пациеннары наадалаах препараттарынан хааччыйарга уонна дьиэ кэргэн үп-харчы ноҕуруускатын намтатарга кыаҕы биэрэр.
«Мин саахардаах диабеттаахпын, онон хааммар саахар таһымын мэлдьи хонтуруолга тутар уонна быраас анаабыт препараттарын тиһигин быспакка иһэр наада. Чэпчэтиилээх эминэн хааччыйыы миэхэ улахан өйөбүл, тоҕо диэтэххэ, эмтээһин тиһиктээх сыһыаны уонна харчыны эрэйэр. Наадалаах эмтэри ылар кыахтаах буолан, быраас сүбэтин тутуһабын, турукпун кэтээн көрөбүн уонна күннээҕи чөл олоҕу тутуһабын», — диэн махталын биллэрдэ Саха сирин олохтооҕо Дмитрий Попов.
Саха сиригэр чэпчэтиилээх эмтэри атыылаһыы уонна түҥэтии систиэмэтин утумнаахтык тупсараллар. Өрөспүүбүлүкэ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ туспа категория гражданнарга эмтэри кииннээн атыылаһыы систиэмэтин сыыйа киллэрдэ. 2023 сылга наадалаах препараттары 50,7% кииннээн атыыласпыт буоллахтарына, 2026 сылга көрдөрүү 100% тиийдэ. Атыылаһыы түмүгүнэн бүддьүөт үбүн кэмчилээһин 300 мөлүйүөн солкуобайтан таҕыста.
Бырагыраама үбүлээһинэ эмиэ улаатар. Ааспыт сылга чэпчэтиилээх эминэн хааччыйыыга 2,7 млрд солк. көрүллүбүт буоллаҕына, 2026 сылга эрэгийиэн бүддьүөтүн үбэ 3,8 млрд солк. диэри улаатта. Федеральнай үбүлээһини учуоттаан уопсай суума 4,6 млрд солк. тэҥнэһэр.
Кииннээн атыылаһыы түмүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ эминэн хааччыйыы эйгэтигэр аан бастаан биир сыана бэлиитикэтэ олоххо киирдэ. Бу пациеннар ханна олороллоруттан тутулуга суох, ол иһигэр ыраах уонна Арктика нэһилиэнньэлээх пууннарыгар, тыын суолталаах препараттары атыылаһыыга биир сыана усулуобуйатын хааччыйар.
Ордук саахары намтатар уонна сүрэх-тымыр препараттара, ону тэҥэ ревматологическай уонна пульмонологическай ыарыылары эмтиир эмтэр наадалаахтар. Сороҕор атыылаһыллар ааттар истэригэр — метформин, аторвастатин, метопролол уонна быраас анааһынынан туттуллар атын препараттар бааллар.
Сүрэх-тымыр ыарыыларын содуллара үөскүүр куттала үрдүк пациеннары чэпчэтиилээх эминэн хааччыйыыга ураты болҕомто ууруллар. Быраас анаабыт препараттарын тиһигин быспакка иһии хаан баттааһынын уонна холестерин таһымын хонтуруоллуурга, содуллар кутталларын намтатарга уонна олох хаачыстыбатын тутарга көмөлөһөр.
«Пациеннары наадалаах эминэн кэмигэр хааччыйыы — хроническай ыарыылар содулларын сэрэтии суолталаах чааһа. Сүрэх-тымыр патологиялаах дьоҥҥо анаабыт эмтээһини тохтоппокко, бырааска мэлдьи сылдьар ордук суолталаах. Чэпчэтиилээх эминэн хааччыйыы эмтээһини табыгастаах оҥорорго уонна пациеннар медицинскэй сүбэни толорууларын хааччыйыыга көмөлөһөр», — диэн бэлиэтиир Саха сирин доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева.



