22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Вече» историческай киинэлэр фестиваллара "Тыгын Дархан" киинэтинэн аһылынна

15:02, 04 декабря 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Вече» диэн историческай киинэлэр фестиваллара «Тыгын Дархан» киинэтинэн аһылынна. Быйылгы фестиваль 14-с төгүлүн Улуу Новгородка Аҕа дойду Улуу сэриитин 75 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан ыытыллар.


«Фестиваль Биллибэт саллаат күнүгэр аһыллыбыта кэрэхсэбиллээх. Саха сирин дэлэгээссийэтин кытары Новгород сирин-уотун өстөөхтөн хорсуннук көмүскээбит саха буойуттарыгар, ытааччыларыгар анаммыт монумеҥҥа сырыттыбыт», — диэтэ Новгород уобалаһын култуураҕа миниистири солбуйааччы Илианна Петрова.

Күрэххэ барыта аҕыс киинэ кыттар. Олору 16 сааланан көрдөрүөхтэрэ. Маны сэргэ фестиваль чэрчитинэн «Болдьоҕо суох» диэн историк, суруйааччы Александр Звягинцев документальнай киинэлэрин авторскай бырайыагын көрдөрүөхтэрэ. Фестиваль ахсынньы  7  күнүгэр түмүктэниэ.

«Тыгын Дархан» көстүөн иннинэ режиссер Никита Аржаков «Вече» кыттыылаахтарыгар туһаайан, киинэ Арассыыйа киэҥин, култуурата элбэҕин, тыла арааһын көрдөрөрүн, дойду олохтоохторун күүһэ сомоҕолоһууга сытарын эттэ.

«Вече» бэрэсидьиэнинэн норуот артыыһа, кинорежиссер Светлана Дружинина буолар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА