22 Балаҕан ыйа 22.09
  • -0°
  • $ 84,1
  • 96,37

РФ Госдуматыгар быыбарга “Биир ньыгыл Россия” баартыйа Саха сиригэр баһыйар куолаһы ылла

11:02, 21 сентября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

«Биир Ньыгыл Россия» баартыйа РФ Госдуматыгар быыбарга Саха сиригэр баһыйар куолаһы ылла — 43,02%. Куоластааһын барыллаан түмүктэрин регион Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров иһитиннэрдэ.

«Биһиги бары быыбардыыр учаастактааҕы хамыыһыйалартан киирбит боротокуолу 100%  ырытан, сарсын Киин быыбардыыр хамыыһыйа көрүүтүгэр таһаарыахпыт. Саха сирин быыбардааччылара бу быыбарга олус көхтөөхтүк кытыннылар, 51% — тан тахса. Кыайыылааҕынан 43% — тан тахса куолаһы ылбыт «Биир Ньыгыл Россия» баартыйа буолла. КПРФ 24,73%, «Саҥа дьон» 11,39% ылла», — диэн пресс-кэмпириэнсийэҕэ Евгений Федоров кэпсээтэ.

29 №-дээх Саха сиринээҕи биир мандаттаах быыбардыыр уокурукка куоластааһын түмүгүнэн «Биир ньыгыл Россия» туруорбут Петр Шамаев инникилиир. Кини 37,35% куолаһы ылла — киниэхэ 117 680 быыбардааччы куоластаата.

Иккис миэстэҕэ — «Сиэрдээх Россия» бэрэстэбиитэлэ Федот Тумусов 17,01% (53 611 быыбардааччы). Нюргуяна Заморщикова «Саҥа дьонтон» инникилэр ааттарын түмүктээтэ — 14,75% (46 472 быыбардааччы).

Саха сиригэр уопсай кыттыы 51,11% буолла, быыбарга 334 312 быыбардааччы кыттыыны ылла.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА