Саха сиригэр тэрилтэлэри, нэһилиэнньэни туруктаах, тохтоло суох уматыгынан хааччыйарга бары сөптөөх дьаһаллар ылыллаллар. Билигин тимир суолунан 1 322 вагон 82 тыһыынчаттан тахса туонна ниэп бородуукталаах айанныыр. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ гражданскай оборона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын куттала суох буолуутун хааччыйыыга министиэристибэтин брифингигэр иһитиннэрдилэр.
Хотугу тиэйиигэ-таһыыга ураты болҕомто ууруллар. Россия энергетика уонна илиҥҥи сайдыы министиэристибэтин кытта тохтоло суох үлэ барар, эрэгийиэн Арктикатын оройуоннарыгар уматыгы тиэрдии толору хааччылынна.



