Анал саайтка бэчээттэммит бырабыыталыстыба уурааҕынан, 2027 сылга Россия дьонун сэттэ кылгатыллыбыт үлэ нэдиэлэтэ күүтэр.
Эрдэ өрөбүл күннэри көһөрүү туһунан туһааннаах докумуоҥҥа РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин илии баттаата.
Уураахтан көстөрүнэн, икки үлэ нэдиэлэтэ үс күннээх буолуоҕа — биирэ олунньуга, иккиһэ сэтинньигэ.
Өссө түөрт нэдиэлэ түөрт хонуктаах буолуоҕа: кулун тутарга, ыам ыйыгар, бэс ыйыгар уонна ахсынньыга. Онуоха ыам ыйыгар маннык нэдиэлэ икки буолуоҕа.



