23 Бэс ыйа 23.06
  • 12°
  • $ 73,77
  • 84,59

Уус Алдан улууһун баһылыгынан Василий Алексеев талылынна

12:32, 15 сентября 2025
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Уус Алдан улууһун баһылыгынан кандидатуратын бэйэтэ туруоруммут Василий Алексеев талылынна. Кини быыбардааччылар куоластарын 54,19% ылла. Алексеев Бороҕон нэһилиэгин баһылыгынан үлэлээбитэ, диэн Саха Сирин Киин Быыбардыыр хамыыһыйата иһитиннэрэр.

Быыбардаабыт дьон 43,14%-на Василий Аммосов туһугар куоластарын биэрдилэр. 1,36% куолас — Роман Калининскай, 0,16% — Владимир Максимов.

Быыбардааччылар кыттыылара 63,05% тэҥнэстэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА