22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Улуустарга сүөһү төбөтүн ахсаанын аҕыйаппат буолууга миэрэлэр ылыллаллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Дархан Айсен Николаев сүөһү аһын бэлэмнээһин хампаанньатын түмүгүнэн мунньах ыытта. Быйылгы оттооһун ыарахан усулуобуйаҕа барбыта бэлиэтэннэ.

Сайын саҕаланыыта илин эҥэр улуустарыгар курааннаабыта, салгыы Кэбээйигэ уонна Дьааҥыга — халаан уута, ол кэннэ элбэх улууска тохтоло суох ардаабыта.

«Ити эрээри тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин кыаҕынан-күүһүнэн, оттооһуҥҥа түмүк куһаҕана суох.  390 476 туонна от бэлэм — бу былаантан 88%, 27 860 туонна сиилэс – 92% былаантан уонна 14 176 туонна сенаж – 109% былаантан туолла», — диэтэ Айсен Николаев бэйэтин телеграм-ханаалыгар.

Мунньахха сүөһү төбөтүн ахсаанын кыччаппат туһугар ылыллар миэрэлэри кэпсэттилэр. Бу хайысхаҕа үлэ барара этилиннэ.

«Ордук эмсэҕэлээбит аҕыс улууска концентрированнай сүөһү аһын 5 292 туоннаны, 1 600 туонна оту, уопсай суумата 101,3 мөл солк тириэрдэргэ быһаарылынна. Эбии оту тириэрдии 2023 сыл саҥатыгар эмиэ көрүллүөҕэ», — диэн Саха сирин баһылыга эттэ.

Мунньах түмүгүнэн бырабыыталыстыбаҕа уонна муниципалитеттарга эмсэҕэлээбит хаһаайыстыбаларга, ол иһигэр кэтэхтэргэ көмөнү чуоккайдык ыытар боппуруоһу быһааралларыгар этилиннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА