Национальнай кинигэ кыһа төрөөбүт төрүт тыл, сурук-бичик бырааһынньыгар анаан олунньу 13 күнүттэн 19-гар диэри, биир нэдиэлэ устата, «Бичик» бары маҕаһыыннарыгар «Саха норуодунай суруйааччылара», «Уран тыл уустара», «Саха суруйааччылара – оҕолорго» серияларга тахсыбыт уонна «Самныбат саргылаах сахабыт салаата» кинигэлэргэ 20% чэпчэтиилээх атыыны биллэрэр.
Биир эрэ күн, олунньу 13 күнүгэр, 1,5 тыһ. солкуобайтан элбэх суумаҕа бу серия кинигэлэрин атыыласпыт киһиэхэ «Бичик» саха литературатын төрүттээччилэргэ анаммыт значок кэмпилиэгин бэлэхтиир.
Дьокуускайга маҕаһыыннарбыт аадырыстара: Курашов аатынан уул. 24, «Бичик Plus» маҕаһыын. Төлөпүөн: 89142730-602.
Орджоникидзе уул.,31 «Бэчээт дьиэтэ», 1 этээс. Төлөпүөн: 89142714-283.