30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

Туризм. Тиксии мусуойдарын сөргүтүөхтэрэ

15:01, 14 апреля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тиксии бөһүөлэгэр «Российский Север Арктики» туристическай кластер тэрийиитин чэрчитинэн хас эмэ мусуой дьиэтин саҥардыахтара, дьону көрсөр киини, гостиница комплексын тутуохтара. Бу туһунан ТАСС Саха сирин бырабыыталыстыбатын Москубатааҕы бэрэстэбиитэлистибэтигэр сигэнэн суруйар.


Кластер сиригэр эбэҥкилэр Дыбарыастарын тутуохтара, АН-12 сөмөлүөт дьардьаматын туһанан ресторан оҥоруохтара. Маны таһынан Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Арассыыйа-Америка бииргэ үлэлэһиилэрин мусуойун сөргүтүөхтэрэ.

Маны таһынан, «тымныы сэрии”, «Горностай» диэн хотугу Аартыка биоэкосистиэмэтин мусуойун саҥардыахтара. Литовецтар, финнар, поляктар, Чурапчы көһөрүллүүлээхтэрин мусуойдара тэриллиэ.

Кластер тутуутугар 370 мөл үп ирдэнэр, мантан аҥарын федеральнай үп уйунара сабаҕаланар.

Сиһилии манна көр https://ysia.ru/v-arkticheskom-rajone-yakutii-v-ramkah-sozdaniya-turklastera-provedut-rekonstruktsiyu-muzeev/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА