Саха сиригэр неби хостооһун кээмэйэ 2022 сыл тоҕус ыйыгар 13,8 мөл. туоннаҕа тиийдэ, бу 2021 сыл туһааннаах кэмин кытта тэҥнээтэххэ 9 %- нан улахан диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс- сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.
Региоҥҥа неби хостооһуҥҥа ПАО «Сургутнефтегаз», ООО «Таас-Юрях Нефтегазодобыча», АО «РНГ», ООО «Газпром добыча Ноябрьск» ООО «Иреляхское» уонна ООО «Иркутская нефтяная компания» тэрилтэлэр көрдөрүүлэрэ үрдүк. Саха сирэ ааспыт сылга неби хостооһун рекорднай көрдөрүүлэммитэ – 17,3 мөл. туоннаҕа тиийбитэ.
2030 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ чоҕу хостооһун 80-90 мөл. туоннаҕа диэри, гаас 50 млрд. кубометрга тиийэ улаатара былааннанар, нефть – 21 мөл. туоннаҕа диэри, электрическэй энергияны оҥорон таһаарыы икки төгүл улаатыа.
Санатан эттэххэ, Саха сирэ 2022 сылга үрүҥ көмүс хостооһунун 60 туоннаҕа диэри улаатыннарда, оттон көмүс хостооһунун кээмэйэ 34 туоннаттан таҕыста.