23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Тиксиигэ бырааһынньык Эйэ болуоссатыгар буолла

16:08, 01 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн Эйэ, Үлэ, Маай бырааһынньыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үлэ тэрилтэлэрэ параадка таҕыстылар.


Тиксии бөһүөлэгин бары тэрилтэлэрэ культурнай-спортивнай комплекстан Эйэ болуоссатыгар диэри биир тэҥник параадтаан хаамтылар. Бүгүҥҥү күн-дьыл туруга былыттаах эбит буоллаҕына, салгын хамсааһына сылаас буолан биэрдэ.

Баһылыктар эҕэрдэ тыл эппиттэрин кэннэ, култуура үлэһиттэрэ олохтоохторго уонна ыалдьыттарга кэнсиэр бэлэх ууннулар. Мустубут дьоҥҥо араас тэрээһиннэри, куонкурустары, күрэхтэри тэрийдилэр. Кэлбит дьон бары сааскы бырааһынньыгы көрсөн, кыттыыны ылан, дуоһуйа сынньанан бардылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА