Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр сэрии буойуттарын оҕолоро, сиэннэрэ өбүгэлэрэ туруоран барбыт сэргэлэрин сөргүттүлэр. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр.
1941 сыл атырдьах ыйын 10 күнүгэр Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин “Комсомол 20 сыла” колхоз аҕыс ыччата Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ бараары туран, сэргэ туруорбуттар. “Хомойуох иһин сэргэни туруорбут сорох саллааттар чуолкай ааттарын билбэппит. Ааттара суруллубут мас сүппүт. Сэргэни күрүөлээн иһэн ситэрбэтэхтэрин эрэ билэбит ”, – диэн сэрии бэтэрээнэ Афанасий Попов сиэнэ Татьяна Попова кэпсиир.
Колхозтан барыта 25 саллаат сэриигэ барбытыттан 16-та дойдутугар төннүбүт. Быйыл Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө сэрии буойуттарын оҕолоро, сиэннэрэ өбүгэлэрэ туруоран барбыт сэргэлэрин сөргүттүлэр уонна ситэ тутуллубатах күрүөнү ситэрэн туттулар.
10 миэтэрэ үрдүктээх сэргэ үөһэ өттүн кыһыл көмүс сулус киэргэтэр, ортотугар “Комсомол 20 сыла” холкуостан 25 ньургун ыччат дьоммут Ийэ дойду комускэлигэр 1941-1945 сылларга Аҕа дойду сэриитигэр хорсуннук охсуспуттара..” диэн суруктаах колхозтан барбыт 25 саллаат ааттара суруктаах мраморнай билиитэ ыйанна.
Нэһилиэк биир бэлиэ сирин аһылыытыгар сэрии кыттыылаахтарын сыдьааннара, нэһилиэк баһылыга Петр Захаров, бэтэрээннэр уопсастыбаларын салайааччыта Михаил Архипов кыттыыны ыллылар.
Сиһилии манна аах https://ysia.ru/deti-i-vnuki-uchastnikov-vojny-vosstanovili-pamyatnoe-serge-v-tattinskom-uluse/