Саха сиригэр бүтэһик биэс сылга саамай киэҥ далааһыннаах муниципальнай быыбардар буоллулар. Өрөспүүбүлүкэ Уопсастыбаннай палататын Быһыыга-майгыга киинин бэрэсээдээтэлин солбуйааччыта Станислав Иванов эппитинэн, быыбардар улахан кэһиитэ суох аастылар, суруйар СИА.
Быыбардыыр учаастактарга Уопсастыбаннай сэбиэт анаталаабыт кэтээн көрөөччүлэрэ кытыннылар. 776 кэтээн көрөөччү анал үөрэҕи ааспыт.
«Улахан кэһии тахсыбата. Социальнай ситимнэринэн Мэҥэ Хаҥаластааҕы 255 №-дээх учаастакка куоластааһын 08:45 чааска саҕаламмытын туһунан суруйуу тарҕаммыта. Бу бастакы учаастакка эрдэлээн куоластааһын ыытыллыбытын кытта сибээстээх. Быыбардааччы ахсаана 1%-тан элбэх буолан, 8:00 чааска быыбардыыр учаастактар арыллыыларыгар, хамыыһыйа, уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр кыттыылаах бүллүтүөн кэмбиэрдэрин арыйыы, ону быыбардыыр уурунаҕа угуу буолбута, бу барыта федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран ыытыллыбыта. Ол иһин кыра тохтобул тахса сырытта», — диэтэ Станислав Иванов.
Маны сэргэ техническэй кэһиилэр бэлиэтэннилэр, ол иһигэр быыбардааччылар болдьохторо ааспыт пааспардаах кэлбиттэрэ эмиэ баар.