26 Муус устар 26.04
  • -3°
  • $ 92,13
  • 98,71

Муниципальнай быыбардарга «Биир ньыгыл Россия» бэрэстэбиитэллэрэ мандат 75% ыллылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Барыллаан суоттааһынынан, муниципальнай быыбардарга 3068 мандаттан 2300-тан тахсатын «Биир ньыгыл Россия» баартыйа бэрэстэбиитэллэрэ туталлар, суруйар СИА.

Улуустар баһылыктарын Абыйга, Үөһээ Бүлүүгэ, Дьааҥыга, Бүлүүгэ, Ленскэйгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Ньурбаҕа, Орто Халымаҕа уонна Томпоҕо таллылар. Аҕыс оройуоҥҥа «Биир ньыгыл Россия» баартыйаттан кандидаттар уонна баартыйа бэлиитикэтин өйөөччүлэр баһылыгынан буоллулар.

Орто Халыма улууһугар «Сиэрдээх Россия — Кырдьык иһин» баартыйа бэрэстэбиитэлэ буолла.

Нэһилиэктэр баһылыктарыгар элбэх бырыһыаны «Биир ньыгыл Россия» баартыйа ылла — 189-тан 169-һа  (89,42%).

Оройуоннар Сэбиэттэрин депутаттарыгар 110-тан 80-һа (72,73%), нэһилиэктэр депутаттарыгар 2760-тан 2051-рэ (74,31%).

Онон, балаҕан ыйын 11 күнүгэр буолбут муниципальнай быыбардар барыллаан түмүктэринэн мандат маннык тигистэ:

«Биир ньыгыл Россия» — 2308 (75,2%);

КПРФ — 70 (2,28%);

«Сиэрдээх Россия — Кырдьык иһин» — 60 (1,96%);

ЛДПР — 23 (0,75%);

«Родина» — 1 (0,03%);

Бэйэ туруорунуута — 606 (19,75%) мандат.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА