Бүгүн саха биллиилээх лингвиһа, филология билимин хандьыдаата Михаил Алексеев-Дапсы, бэлиитик, коммунист Виктор Губарев, саха норуодунай суруйааччыта, драматург, прозаик Василий Васильев-Харысхал төрөөбүт күннэрэ. Василий Васильев 70 сааһын бэлиэтиир. Кини эрдэтээҥи драмалара тыыл үлэһиттэрин, кинилэр сэрии кэмигэр эр санаалаах үлэлэрин көрдөрөллөр. Кэнники Василий Харысхал дойду уонна тас дойдулар архивтарыгар политическай ссылка, ГУЛАГ, репрессия историяларын кичэйэн үөрэтэр. 2002 сыллаахха репрессияҕа түбэспит уонна тас дойдуларга күрээн барбыт саха дьонун дьылҕаларын туһунан «Ааспыт кэм аартыктарынан» кинигэтэ бастакы чааһа күн сирин көрбүтэ.
Сэтинньи 6 диэн Григориан халандаарыгар сыл 310-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 311-c күнэ). Сыл бүтүө 55 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- ХНТ — Сэрии уонна сэбилэниилээх айдаан кэмигэр айылҕаны харыстааһын аан дойдутааҕы күнэ.
- Дойдулар ардыларынааҕы киһи илиититтэн өлбүт кыыллар кэриэстэбиллэрин күнэ.
- Таджикистан — Конституция күнэ.
- Татарстаан (Арассыыйа) — Конституция күнэ.
- Узбекистан — Култуура үлэһитин күнэ.
- Финляндия — Швед култууратын күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 1860 — Авраам Линкольн АХШ бэрэсидьиэнинэн талыллыбыт. Кини кэмигэр АХШ-ка гражданскай сэрии буолбута. Линкольн АХШ-ка кулуттааһын суох буоларын туһугар үлэлээбитин иһин кинини «Улуу босхолооччу» диэн ааттыыллар. Кулуттааһын диэки буолбут конфедераттар үгүстэрэ хотторбуттарын кэнниттэн кинини саба түһэн өлөрбүттэрэ.
- 1936 — Испанияҕа гражданскай сэрии биир сүрүн түбэлтэтэ — Мадрид иһин кыргыһыы саҕаламмыт. Бу сырыыга республиканецтар куораты ситиһиилээхтик көмүскээбиттэрэ.
- 1943 — Генерал Николай Ватутин салайааччылаах 1-кы Украинскай фронт Украина киин куоратын Киеви ниэмэстэртэн босхолообут.
- 1991 — РСФСР бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин ыйааҕынан хомуньуус баартыйатын үлэтэ тохтотуллубут. Балтараа сылынан 1993 сыллаахха хомуньуус баартыйата сөргүтүллүбүтэ, аата КПРФ диэн буолбута.
Төрөөбүттэр:
- 1494 — Үтүөкэн Сулейман — Осмаан Импиэрийэтин онус султаана (1520—1566), кини салайар кэмигэр Осмаан Импиэрийэтэ сайдыы муҥутуур чыпчаалыгар тахсыбыта.
- 1937 — Михаил Алексеев — Дапсы — биллиилээх саха лингвиһа, филология билимин хандьыдаата, араадьыйаҕа «Биһирэм тыл» биэрии ааптара.
- 1949 — Виктор Губарев — бэлиитик уонна баартыйа диэйэтэлэ, КПРФ Саха сиринээҕи кэмитиэтин салайааччыта, 1995-2008 сыллардаахха Госдума дьокутаатын көмөлөһөөччүтэ, Ил Түмэн IV, V, VI ыҥырыыларын дьокутаата.
- 1950 — Василий Васильев — Харысхал — саха народнай суруйааччыта, драматург, прозаик.
- 1959 — Валерий Васильев — этнограф, саха мифологиятын, итэҕэлин (ойууннааһыны) чинчийэр учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1968 — Раиса Кузьмина — эбээн тылын чинчийэр учуонай, филология билимин хандьыдаата.
- 1982 — Айталина Кузьмина — филология билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр:
- 2010 — Мария Гаврилова — ирбэт тоҥу уонна климаты чинчийбит учуонай, география билимин дуоктара, СӨ Наукаларын академиятын академига. Саха сирин 1920-с сыллардааҕы ил уонна түмэт диэйэтэлин, репрессияламмыт Кузьма Гаврилов кыыһа.