Өрөспүүбүлүкэҕэ «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыагынан эрэгийиэннээҕи суолталаах суоллары оҥоруу күүскэ барар. Бүгүҥҥү туругунан, уопсайа 245 км усталаах суол, ол иһигэр тыа сирин нэһилиэктэригэр оҥоһуллар. Бу туһунан СӨ массыына суолларын салалтата иһитиннэрэр.
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыагын иитинэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Матта сэлиэнньэтигэр (8,6 км) уонна Бүлүү улууһун Хампа сэлиэнньэтигэр (4 км) суолу оҥоруу былааннанар.
СӨ массыына суолларын салалтатын эксплуатацияҕа салаатыгар бэлиэтээбиттэринэн, билиҥҥитэ «Мүрү» уонна «Лүүчүн» айан суолларын учаастактарыгар сир арҕаһын оҥоруу үлэлэрэ ыытыллаллар. Бу сыл алтынньытыгар эбийиэктэр оҥоһуллан туттарыллыахтаахтар.
Бэлиэтээн эттэххэ, ааспыт сылга бу бырайыагынан Өлүөхүмэ улууһугар 1-кы Нөөрүктээйи (1,6 км) уонна 2-с Нөөрүктээйи (5 км), ону таһынан Чурапчы улууһун Чурапчы сэлиэнньэтин (5 км) эрэгийиэннээҕи суоллара өрөмүөннэммиттэрэ.
Саха сирэ