22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирин хамаандата ГТО оонньууларыгар кыттар

19:01, 07 декабря 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сириттэн алта спортсмен Бүтүн Россиятааҕы ГТО чемпионнарын бэстибээлигэр кыттыаҕа. Ахсынньы 8 — 12 күннэригэр Белгородка кинилэр хамаанданан уонна биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиэхтэрэ. 

ГТО бэстибээлин күрэхтэһиитэ иккис сылын ыытыллар уонна быйыл 55 хамаанда кыттара былааннанар, ол иһигэр Саха сириттэн. Хамаандаларга 18-29, 30-39 уонна 40-49 саастаахтартан биирдии дьахтар уонна эр киһи, уопсайа алта киһи кыттар, VI, VII уонна VIII үктэллэр.

«Хамаанда күүстээх, онон бастыҥнар буолалларыгар эрэллээхпит. Уопуттаах спортсменнар Евгения Сентизова уонна Арина Югова кыайыыга сирдиэхтэрэ», — диэтэ спорт миниистирин солбуйааччы Александр Бугаев.

Хамаанда хапытаана Арина Югова күрэхтэһиигэ кыайыыны баҕарбыттарга махтанна.

Хамаанда састааба: Александр Барашков, Иван Ануфрьев, Евгения Сентизова, Николай Филиппов, Арина Югова и Илья Тимофеев.

Бырагыраамаҕа икки сүрүн хайысха баар: «Гонка ГТО» – хамаанданан уонна «Иду на рекорд» – спортсмен тус киирсиитэ.

Хамаанда бүгүн көттө.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар