Арктика эргимтэтигэр доруобуйа харыстабын эйгэтин үлэтигэр күүһүрдүүнү киллэриэхтэрэ: кадрга, медоборудованиеҕа, эбийиэктэргэ. Ол туһунан «Якутия Live. Эксперты о главном» биэриигэ миниистир Елена Борисова эттэ.
«2019-2020 сылларга «Земский доктор» уонна «Земский фельдшер» бырагыраамаларынан Арктика улуустарыгар 51 исписэлиис – 49 быраас уонна икки фельдшер үлэлиир. Билигин Ил Дархан ыйааҕар олоҕуран үөрэх министиэристибэтин кытта медиктары сыаллаах бэлэмнээһиҥҥэ үлэлиибит. 42 быраас буолуохтаах уонна 30 орто звено медүлэһиттэри кытта дуогабар түһэрсилиннэ. Биир, икки сылынан кинилэр Арктикаҕа үлэлии барыахтара», – диэтэ Елена Борисова.
Миниистир эппитинэн, 2020 сылга Эдьигээҥҥэ, Усуйаанаҕа уонна Орто Халыма Березовкатыгар ФАП-тар тутуллан үлэҕэ киирдилэр. Кэлэр сылга Арктикаҕа 19 амбулатория, 4 ФАП, балыыһа уонна поликлиника арыллыахтара.
Санитарнай авиация сайдыытыгар Орто Халымаҕа, Баатаҕайга уонна Тиксиигэ туһааннаах филиаллар арылыннылар. Бу суһал көмөнү оҥорууга олус туһалаах. 2020 сыл тоҕус ыйыгар санавиация көмөтүнэн 660 ыарыһах куоракка аҕалыллан эмтэниини ааста.