Саратовка 2014 сылтан федеральнай ирдэбилгэ сылдьар 46 саастаах, Вольсктан төрүттээх Алексей Горуленконы туттулар. Эр киһи Россияны аймаабыт холуобунай дьыалаҕа «фигурант» буолар.
2013 сыллаахха кини Саха сиригэр ойуурга оҕо сааһын доҕорун өлүөр диэри кырбаабыт уонна сиэбит. Людоеды 12 сылга кытаанах эрэһиимҥэ холуонньаҕа уураахтыыллар, соруйан киһини өлүүгэ тириэрдэр доруобуйатыгар ыарахан эчэйиини оҥорбутун иһин (каннибализм иһин диэн ыстатыйа Холуобунай кодекска суох). Бириигэбэр тахсыбытын кэнниттэн каннибал куоппут.
Эр киһи 10 сыл саһа сылдьыбыт. «Горуленко ийэтигэр Вольск куоракка тиийбит. Уһук Илиҥҥэ, Ростовскай уобаласка уонна Краснодарскай кыраайга саһа сылдьыбыт», — «Вольск.ру» порталга информацияны билэр источник иһитиннэрбит.
Сиһилии https://ysia.ru/sevshego-v-yakutii-druga-detstva-lyudoeda-zaderzhali-cherez-10-let/