Ил Дархан Айсен Николаев сэтинньи 7 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын национальнай култуураларын күнүн бэлиэтиир туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Бу быһаарыныы этнокултууралар сайдалларыгар, сүппэттэригэр, Саха сирин норуоттарын үгэстэрэ күүһүрэллэригэр анаан ылылынна.
Саҥа бырааһынньыгы ахсынньы бастакы өрөбүлүгэр бэлиэтиэхпит. Быйыл ол күн ахсынньы 3 күнүгэр түбэһэр. Манан сибээстээн Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ тохсунньу 3 күнүгэр, күнүс 1.30 чааска бэйэтин тэрээһинин саҕалыыр.
Бырагыраамаҕа:
— Чэй иһиитин сиэрэ-туома
— «Национальнай колорит — кэлэр Кэскил платформата» куйаар эйгэ иһитиннэриитэ
— «Саха сирин үгүс култуурата — сүдү көстүүтэ» улахан саалаҕа кэнсиэр.
Саха сиригэр 135 араас омук олороро биллэр. Онтон биһиги сахабыт норуота, эбээннэр, эбэҥкилэр, дьүкээгирдэр уонна чукчалар аҕыйах ахсааннаах норуот аатыгар киирэллэр. Ол иһин, норуоттар ардыларыгар эйэлээхтик, биир сомоҕо буолан олорорбут, биһиги норуокка олус суолталаах, саргылаах уонна кэскиллээх, диэн суруйда СИА-ҕа Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата.