Николаев эппитинэн, элбэх муус суолга мууһун халыҥа бу кэмнээҕи нуорматтан чараас. Аны тыал түһүүтэ болдьоҕун иннинэ саҕаланна. Буурҕа Усуйаанаҕа уонна Булуҥҥа күүскэ түстэ.
«Онон билигин таһаҕаһы тиэйиини эрдэлээн ыытарга болҕомто ууруллар, кыһыҥҥы суолунан барыта тиэллэрин ситиһиэхтээхпит», — диэтэ Айсен Николаев.