Президент «ыам ыйынааҕы» ыйааҕыгар сөп түбэспэтэх бюджет үлэһиттэрин хамнаһа үрдүүрүн туһунан регион бырабыыталыстыбатын быһаарыыта таҕыста. Хамнас 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 3,6% үрдүөҕэ, СИА-ҕа үлэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Хамнас үрдээһинин 35 000-тан тахса бюджет үлэһитэ билиэҕэ. Бу — ветеринардар, агрономнар, зоотехниктар, лесниктэр, баһаарынайдар уонна атын эйгэ үлэһиттэрэ. Маны сэргэ уопсай салаа исписэлиистэрэ уонна оробуочай идэлэр — бухгалтердар, экономистар, инженердэр, суоппардар, машинистар, повардар уо.д.а.
Хамнас салгыы 2022 сыл алтынньы 1 күнүттэн 6,4% үрдүүрэ былааннанар. Бырабыыталыстыба онно эбии быһаарыыны ыларга бэлэмниир.
2022 сылга барыта 10% үрдүөхтээх. Бу — Ил Дархан бырабыыталыстыбаҕа анал этиитигэр олоҕурбут сорудах буолар.