Джалинда (Россия) – Мохэ (Китай) хайысханан норуоттар ардыларынааҕы тимир суол муостатын тутууга бииргэ үлэлээһиҥҥэ меморандуму ВЭФ-2022 былаһааккатыгар Айсен Николаев Амур уобалаһын губернатора Василий Орлову кытта баттаатылар.
Саха сирин баһылыга бэлиэтээбитинэн, муоста тутуута Саха сирин соҕуруу өттүттэн сылга 10 мөл. тоннаҕа диэри таһаҕаһы тиэйиигэ кыаҕы улаатыннарыаҕа. «Саха сирэ уонна Амур уобалаһа уруккуттан доҕордуу сыһыаннаахтар. Бүгүн Илиҥҥи экономическай форумҥа ону өссө төгүл бигэргэттибит. Муоста тутуута тимир суол ыллыктарын тэлгэтиэҕэ, онуоха эбии Саха сирин экологиятыгар охсуута суох буолуоҕа», — диэтэ Николаев.
Джалинда – Мохэ хайысханан сырыы 2000- с сыллар саҕаланыыларыгар, пассажир уонна таһаҕас тиэйиитэ аҕыйаабытынан, тохтообута. Саха сирэ уонна Амур уобалаһа холбоһуктаах бырайыактары олоххо киллэрэн, ону толорон, чөлүгэр түһэрэн биэрэр санаалаахтар.
Ону сэргэ предпринимательство, атыы- эргиэн уонна туризм министерствота Амур уобалаһын кытта туризм эйгэтигэр бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэһии түһэристилэр. «Биһиги бииргэ үлэлээһиммит көдьүүстээх уонна биһиги регионнарбыт олохторун- дьаһахтарын тупсарарыгар көмөлөһүө диэн эрэнэбин!» — диэн эбэн биэрдэ республика баһылыга.