23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саахалланар кутталаах дьиэ олохтоохторо саҥа дьиэлэннилэр

17:55, 01 августа 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьону эргэ, саахаланнар кутталлаах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматын чэрчитинэн саҥа дьиэлэммиттэр от ыйын 31 күнүгэр 203-с дьоҕус оройуон төрдүс куорпуһугар баар квартиралар күлүүстэрин туппуттара.


«Дьокуускай араас муннуктарыгар хас күн аайы олорор дьиэ олохтоохторго аанын тэлэччи аһар. Омос көрдөххө, көннөрү быһыы-майгы курдук, ол эрээри бу өрөспүүбүлүкэҕэ тутуу салаата ситиһиилээх үлэтин үтүө түмүгэ буолар диир оруннаах. Биэс сыл аннараа өттүгэр дьиэни икки төгүл аҕыйаҕы тутар этибит», — диэтэ Саха сирин баһылыга Егор Борисов.

Олохтоохтор ааттарыттан Дарья уонна Дмитрий Ивановтар эдэр ыал ыра санаата туолбутун иһин махтал тыллары тиэртилэр.

«Биһиги ЯКСМК оройуонуттан көһөн кэллибит. Дьиэбитин өссө 1983 сыллаахха хаарбах туруктаах, саахалланар кутталлаах диэн бэлиэтэммитэ. Өр күүттүбүт, ол эрээри баҕа санаабыт туолла. Биһиги түөрт оҕолооохпут, куорат кииниттэн чугас олорор буолбуппутуттан олус үөрэбит», — диэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Николай Аргунов эттэ.

«Оҕолорбут бары номнуо улаатан туспа ыал-күүс буоллулар. Кырдьар сааспытыгар маннык үөрүү тосхойдо», — дииллэр кэргэннии Поповтар.

Саҥа дьиэҕэ киирии үөрүүлээх түгэнигэр РФ-ҕа ДьКХ эйгэтин реформалааһыҥҥа көмөлөһөр фонда генеральнай дириэктэрэ Константин Цицин бочуоттаах ыалдьыт буолла.

«Саамай сүрүнэ – эйэлээхтик олоруҥ. Саҥа дьиэҕэ дьолу-соргуну!» — диэн кини алҕаата.

Уопсайа 529,68 кв. м иэннээх аныгы моһуоннаах уон дьиэни атыыласпыттар. Хантараак сыаната 31 мөл.солк.

Саха сирин баһылыга Егор Борисов ДьКХ эйгэтин реформалааһыҥҥа көмөлөһөр фонда салалтатын кытта көрсүһүү кэнниттэн суруналыыстарга эппитинэн, дьону эргэ дьиэлэртэн көһөрүүнү быһаарыыга кэм-кэрдии уонна 131 млрд.солк. наадатын туһунан эппитэ.

«2017 сыл бүтүүтэ түмүктэнэр федеральнай бырагыраама салҕанан барыа дии саныыбын», — диэбитэ кини.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА