22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саҥа видео-кинигэ: «Мин кыракый дэриэбинэм»

17:09, 13 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

От ыйын 12 күнүгэр улуустааҕы киин библиотекаҕа видео-кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Биллиилээх суруйааччы, прозаик, тыа олоҕун сырдатар Дмитрий Наумов «Мин кыракый дэриэбинэм» диэн 3 диискэлээх видео-кинигэни ааҕааччыларыгар көрдөрдө.


Видео-кинигэҕэ ааптар кэпсээннэрин Саха театрын артыыстара, бары сөбүлээн көрөр-истэр дьоммут толороллор. Видео-кинигэ 1000 ахсаанынан «Алаас» технологическэй кииҥҥэ таҥыллан, оҥоһуллан күн сирин көрдө. Барыта 30 кэпсээни астына-дуоһуйа көрүөххэ сөп.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр Дмитрий Наумов биир саастыылаахтара, доҕотторо, суруналыыс Иван Чычахов, поэт Хара Лааҥкы кыттыыны ыллылар. Табаарыстарын видео-кинигэ сүрэхтэммитинэн истиҥник эҕэрдэлээн туран, бары үтүөнү, айымньылаах үлэни баҕара хааллылар. «Айымньыларыгар тыа сиригэр тапталын, бэриниилээҕин көрдөрөр», — диэн Иван Егорович бэлиэтээтэ.

Видео-кинигэ ааптара Дмитрий Наумов: «Урут икки диискэ таһааран тарҕаппытым, дьон-сэргэ сэҥээрбитэ. Аныгы үйэ хаамыытынан, үс диискэлээх видео-кинигэни таһаардым. Үчүгэйэ диэн, маны дьиэлээхтэр бары ону-маны гына сылдьан истиэхтэрин-көрүөхтэрин сөп. Үгүс доҕотторум, артыыстар кэпсээннэрбин ааҕан, итэҕэтиилээхтик толордулар диибин».

«Мин кыракый дэриэбинэм» видео-кинигэ номнуо атыыга таҕыста.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА