12 Ахсынньы 12.12
  • -42°
  • $ 103,27
  • 108,56

Росстат: техника уматыгын сыаната салгыы үрдүүр

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Арассыыйа үрдүнэн бэнсиин орто сыаната алтынньы 22-28 күннэригэр 59,08 солк. диэри үрдээбит. Бу кэмҥэ дизельнэй уматык сыаната эмиэ 67,45 солк. диэри улааппыт. Бу туһунан Росстат бүтэһик дааннайдара туоһулууллар, суруйда Саха сирэ саайт.

Отчуоттуур кэмҥэ АИ- 92 маркалаах бэнсиин 53,77 солк. диэри үрдээтэ. АИ- 95 маркалаах бэнсиин  — 59,02 солк. АИ- 98 маркалаах бэнсиин — 80,26 солк.

Бэнсиин сыаната үрдээһинэ дойду 74 субъегар бэлиэтэнэр. Ол иһигэр ордук Саха сиригэр +4,1% үрдээбит. Оттон Москва уонна Калужскай уобаластарга бэнсиин сыаната -0,1% намтааһына бэлиэтэммит. 2023 сыл ахсынньы ыйынааҕы дааннайдары кытта тэҥнээтэххэ, АИ- 92 маркалаах бэнсиин сыаната 7%, АИ-95% — 7,5%, оттон АИ -98 — 17% эбиллибит, сыана ортотунан — 8,4% улааппыт.

Дизельнэй уматык сыаната 3,2% үрдээтэ. Потребительскай сыана (инфляция) алтынньы 22 күнүттэн 28 күнүгэр диэри 0,27% буолла. Сыл саҕаланыаҕыттан инфляция үүнүүтэ 6,55% тэҥнэһэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА