Аан дойду түөрт төгүллээх чөмпүйүөнэ Степанида Артахинова Чувашияҕа ыытыллыбыт Россия чемпионатыгар уонна Кубогар кыайыылаах үрдүк аатын ылла. Күрэхтэһии бэҕэһээ, от ыйын 20 күнүгэр түмүктэннэ.
«Кубокка уонна чемпионакка Степанида муҥутуур үчүгэй көрдөрүүнү ситистэ. Күрэхтэһии кэнниттэн Россия сүүмэрдэммит хамаандатын тренерскэй сэбиэтэ мустан, Паралимпийскай оонньууларга Степанида дойду чиэһин көмүскүүрүн туһунан быһаарда», — диэн СИА-ҕа ох саанан ытыы федерациятын президенэ Александр Попов эттэ.
Соҕотох путевка иһин түөрт спортсмен кииристэ. Ол эрээри Артахинова бастыҥын туоһулаата.
Россия Кубогар Россия 14 регионуттан 60 спортсмен кытынна. Лондоннааҕы Олимпиада Паралимпийскай оонньууларыгар боруонса мэтээли ылбыт Степанида Артахинова дьахталлар ортолоругар ох саанан блочнай ытыыга бастыҥ көрдөрүүнү ситистэ. Аан дойду чөмпүйүөннэрин Юлия Алексееваны (Краснодарск) уонна Марина Лыжникованы (Москва) кини кэннигэр хааллартаата.
Россия чемпионатыгар кини 720-тан 695 ахсааны ылла. Паралимпийскай оонньууларга кыттааччылары таларга бу күрэхтэһии сүрүн сүүмэрдиир тэрээһин буолла.