Нам улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар сыаллаах, Модут уонна Хомустаах нэһилиэктэригэр икки улахан хотон үлэҕэ киирдэ.
Ол курдук, Модутка «Саха» тыа хаһаайыстыбатын потребительскэй кооператива 100 төбө миэстэлээх саҥа хотон тутан үлэҕэ киллэрдэ. Кооператив 2019 с. тэриллэн, кэтэх хаһаайыстыбалаах дьонтон сүөһүлэри ылан үлэтин саҕалаабыт. Онтон ыла кэҥээн, сайдан СР правительствота уонна тыа хаһаайыстыбатын министерствота ыытар тыа сирин кооперациятын сайыннарыы программатын граныгар кыайан 7 мөл. 200 тыһ. солк. субсидия ылан саҥа хотон туттаннар, кэтэх хаһаайыстыбалаах ыаллар сүөһүлэрин ыланнар, хотон хороҕор муостааҕынан толору турар. Кооператив бэрэссэдээтэлинэн Алексей Шамаев буолар.
Маннык бырагырааманан 1 Хомустаахха
«Илгэ Хотун» СПОК хаһаайыстыбатыгар 8 мөл. суумалаах аныгы тииптээх 100 төбөҕө хотону үөрүүлээх быһыыга-майгыга астылар. Кооператив салайааччыта Ольга Сивцева буолар. Хотоҥҥо олохтоохтор, хамаҕатталар, бөтүҥнэр сүөһүлэрэ киирбиттэр. Хотону Хатыҥ Арыыттан индивидуальнай предприниматель Владислав Соловьев туппут. Ольга Валерьевна күүс-көмө буолбут министерствоҕа, улуус, нэһилиэк дьаһалтатыгар, тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар, тутааччыларга барҕа махталын тириэртэ.
Тэрээһиннэргэ СР тыатын хаһаайыстыбатын министрэ Александр Атласов, «Нам улууһа» МТ баһылыга Юрий Слепцов, Намнааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Владимир Макаров уо.д.а. кыттыыны ылан эҕэрдэлээтилэр, баҕа санааларын тиэртилэр.