22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Мындаҕаайыга саҥа оскуола үлэтин саҕалаата

15:33, 30 января
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн Чурапчы улууһун Мындаҕаайытыгар 120 миэстэлээх саҥа оскуола тутуллан, үлэтин саҕалаата. Үөрүүлээх күҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев кыттыыны ылла.

Эрдэ оскуола дьиэтэ 1970 сыллааҕы тутууга баара, саахалланар туруктаах диэн быһаарыллан турбута. «Тыа сирин биир кэлим сайыннарыы» бырагырааматынан билигин 2,5 тыһ кв м иэннээх таас дьиэ баар буолла.

«Саҥа оскуола Мындаҕаайы олоҕор саҥа кэрдиис кэми саҕалыа диэн бигэ эрэллээхпин. Бу оскуолаттан нэһилиэк баай историятын салҕыыр дьоһун дьон үүнэн тахса турдуннар. Төрөөбүт түөлбэлэригэр, Саха сиригэр, бүттүүн Россияҕа үрдүк бэринилээх буола улааттыннар, үтүөкэн үлэһит дьон буоланнар олох уйгутун үксэттиннэр!», — диэн суруйда регион баһылыга t.me/aisen_nikolaev

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА