22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Муус устар 1 күнүттэн массыынаҕа быраабы ылыыга эксээмэн саҥа ирдэбиллэринэн ыытыллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тырааныспары ыытыыга быраабы ылыыга эксээмэн уонна дастабырыанньа биэриитэ муус устар 1 күнүттэн Россияҕа саҥа ирдэбиллэринэн ыытыллар буолла. ТАСС Госавтоинспекцияҕа сигэнэн суруйда.


«Сабыылаах былаһааккаҕа туспа эксээмэн туттарыыта ирдэммэт буолла. Суол инспекциятын үлэһиттэрэ курсаан тута суолга ыытар бэлэмин көрүөхтэрэ», — ааҕыныстыбаҕа эттилэр. 

Муус устар 1 күнүттэн эксээмэн туттарааччы массыынаны ыытарыгар сыыһаны оҥоруутугар уонна быраабыланы кэһиитигэр уларыйыы киирдэ. «Эксээмэн тута тохтотулларыгар күһэйэр сыыһаны оҥоруу туспа блогунан киллэрилиннэ», — ГИБДД быһаарда. Холобура, эксээмэни тутуу, өскөтүн курсаан ременин кэпппэтэҕинэ уонна төлөпүөнүнэн туһаннаҕына, тута тохтотуллар.

Аны эксээмэн кэмигэр кэтээн көрөөччү баар буолуон сөп. Эксээмэн туттараары уочаракка олорор атын кандидаттар, эбэтэр уопсастыбаннай тэрилтэлэр, автооскуолалар бэрэстэбиитэллэрэ буолуохтарын сөп. Бу эксээмэни туттарыыга мөккүөр тахсар түгэнигэр туһалаах буоларын бэлиэтээтилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА