Бүгүн, космонавтика күнүгэр, Дьокуускай куорат №10-дээх оскуолатын үөрэнээччилэригэр пааспардары туттарыы буолла.
Киһи олоҕор саамай сүрүн докумуону 24 үөрэнээччи тутта.
«Биһиги оҕолорбутунан чахчы киэн туттабыт», — диэтэ оскуола дириэктэрэ Надежда Шилова.
Өрөгөйдөөх күҥҥэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Подголов кыттыыны ылла. «Российскай Федерация гражданинын аатын чиэстээхтик илдьэ сылдьаргытыгар эрэллээхпин. Эһиги көлүөнэҕит — биһиги сайдыыбыт», — диэтэ кини.