Коронавирус ыарыыта бүтэһик күннэргэ Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Мииринэйгэ, Сунтаарга, Бүлүүгэ, Уус Алдаҥҥа, Тааттаҕа, Хаҥаласка, Мэҥэ Хаҥаласка элбээбитэ бэлиэтэннэ. Ил Дархан Айсен Николаев суһал ыстаап мунньаҕын улуус баһылыктара кыттыылаах ыытта итиэннэ харыстаныы миэрэлэрин күүһүрдэри эттэ.
Ил Дархан коронавируһунан ыалдьыы билигин да элбэҕин, ааспыт сууккаҕа 145 киһи эбии ыалдьыбытын, итинтэн 82-тэ Дьокуускай олохтооҕо буоларын эттэ. «Билигин реанимацияҕа 104 киһи, ол иһигэр 24 киһи ыарахан туруктаах ИВЛ аппараатыгар сытар», — диэтэ кини.
Айсен Николаев дьон уоппускаттан кэлиитинэн ыарыыттан харыстанар миэрэлэри, хонтуруолу күүһүрдэри эттэ.
«Быһыыны ылыыны элбэтэр туһуттан биирдиилээн дьону кытары дьиэ кэргэҥҥэ, үлэ кэлэктииптэригэр, уопсастыбаҕа үлэлиэххэ наада», — диэтэ кини.
Билиҥҥитэ Саха сиригэр быһыыны нэһилиэнньэ 51 бырыһыана ылбыт.
Сиһилии манна көр https://ysia.ru/v-devyati-rajonah-yakutii-vyroslo-kolichestvo-zabolevshih-covid-19/