Муус устар 24 күнэ. Ил Дархан бу күн Горнай улууһугар бара сырытта. Бэрдьигэстээххэ дьон олорор саҥа кыбаарталын үөрүүлээхтик арыйыыга кытынна. Ол курдук, барыта 176 кыбартыыралаах 7 саҥа таас дьиэни тутан киллэрдилэр. Итинтэн 5 дьиэтэ – 26-лыы, 2 дьиэтэ – 23 — түү кыбартыыралаах. Саҥа тутууларга хаарбах дьиэҕэ-уокка олорбут 535 Бэрдьигэстээх олохтооҕо көһүөҕэ.
«Саха сиригэр хаарбах дьиэттэн-уоттан көһөөччүлэргэ аан маҥнай маннык элбэх мэндиэмэннээх дьиэ кыбаарталын тутан киллэрдибит. Ити дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит дьону хаарбах дьиэттэн-уоттан көһөрүү бырагыраамата Горнай улууһугар көдьүүстээхтик ыытылларын көрдөрөр. Араас уустуктар баалларын үрдүнэн биһиги судаарыстыбабыт сүрүн сыала – дьон олоҕун тупсарыы буолар. Бу үлэ салгыы ыытыллыаҕа», — диэн тоһоҕолоон эттэ Айсен Николаев.
Муус устар 24 күнэ. Быйыл Бэрдьигэстээх бөһүөлэгэр 550 миэстэлээх саҥа оскуоланы үлэҕэ киллэриэхтээхтэр. Айсен Николаев Горнай улууһугар сырыытыгар тутуу хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Саҥа таас оскуола муниципальнай-чааһынай партнёрство бырагырааматынан тутуллар. Эбийиэк икки улахан спортивнай саалалаах уонна тэлгэһэтигэр стадионнаах. Билигин оскуолаҕа уот ситимин бэрэбиэркэлииллэр уонна миэбэли таҥа сылдьаллар.
Саҥа киэҥ-куоҥ дьиэҕэ-уокка үөрэнээччилэр сайдалларыгар бары усулуобуйаны тэрийиэхтэрэ. Оскуола инженернэй-технологическай хайысхаҕа үлэтин салгыы ыытыаҕа.
Муус устар 24 күнэ. Саха сиригэр «Сибиир Күүһэ» гаас ситимин таһыгар сытар 30 нэһилиэккэ гааһы киллэриэхтэрэ. Ити туһунан Айсен Николаев эрэгийиэн нэһилиэнньэлээх пууннарын гаастааһыҥҥа ыстаабын мунньаҕар эттэ. Бу үлэ кэлэр сылларга «Газпром» хампааньыйаны кытта эбии сөбүлэҥ чэрчитинэн ыытыллыаҕа.
Ол курдук, гааһы «Сибиир Күүһүн» таһыгар сытар Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан, Нерюнгри оройуоннарын нэһилиэнньэлээх пууннарыгар киллэриэхтэрэ. Быһа холоон барыта 8,4 тыһыынча дьиэ-уот хабыллыаҕа.
«Хампааньыйа баһылыга Алексей Борисович Миллер өйөбүлүнэн «Газпрому» кытта уопсай бырагыраамабытыгар уларытыылары киллэрэн биэрдибит. Ол түмүгэр Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан, Нерюнгри оройуоннарын сэлиэнньэлэрэ гаастаныахтара», – диэтэ Айсен Николаев.
Нэһилиэнньэлээх пууннары кэҥэтиллибит бырагырааманан гаастааһыҥҥа тарҕатар станциялардаах 6 тахсыы уонна бөһүөлэктэр икки ардыларыгар 11 гаас ситимин тутуу ирдэнэр. Билигин муниципальнай тэриллиилэри кытта гааһынан хааччыйыы схемэлэрин оҥоруу үлэтэ ыытыллар. Итини таһынан хочуолунайдары кытта гааска көһөрөргө былаанныыллар.
Бу үлэни үбүлээһин кээмэйэ 25 млрд 700 мөл. солкуобайга тэҥнэһэр. Ити инники бигэргэтиллибит сууматтан 1,8 төгүл элбэх. Эрэгийиэҥҥэ гааһы киллэрии операторынан «Сахатранснефтегаз» хампаанньа буолар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай гаастааһын бырагыраамата салгыы ыытыллар. Ити чэрчитинэн былырыын Саха сиригэр 3 тыһыынча кэриҥэ дьиэни-уоту холбоотулар.
«Бэрэсидьиэммит Владимир Владимирович Путин «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа съеһигэр ылыммыт быһаарыыларын уонна туруорбут соруктарын түмүгэр дойдуга социальнай гаастааһын үлэтэ киэҥ хабааннаахтык ыытыллар. Бу биһиги өрөспүүбүлүкэбитин эмиэ таарыйда. 2022 сыл түмүгүнэн хаһааҥҥытааҕар да үрдүк көрдөрүүлэри ситистибит. Гааһы 2800-тэн тахса дьиэҕэ-уокка киллэрдибит. 2023 сылга уонна кэлэр сылларга көрдөрүү эмиэ үрдүк буоларыгар эрэллээхпит», – диэтэ Айсен Николаев.
Муус устар 25 күнэ. Айсен Николаев «Роснефть» тэрилтэ гааһы уонна ньиэби хостуур комплексыгар киирэр «Таас-Юрях Нефтегазодобыча» хампаанньа генеральнай дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Сергей Манаенковы кытта көрүстэ.
Салайааччылар тэрилтэ 2022 сыллааҕы уонна 2023 сыл бастакы ыйдарыгар үлэтин түмүктэрин ырытыстылар. Ил Дархан «Таас-Юрях Нефтегазодобыча» – өрөспүүбүлүкэ нолуогу төлүүр биир бөдөҥ хампаанньата буоларын уонна Саха сиригэр ньиэби хостооһуҥҥа иккис миэстэлээҕин бэлиэтээтэ.
Тэрилтэ былырыын Кубалаах диэн ньиэп баайдаах саҥа сири арыйда.
«Саҥа сирдэри арыйыы – ньиэби хостооһун сабардамын улаатыннарар. Ити өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр үп киириитин элбэтэн, эрэгийиэн сайдыытыгар төһүү буолар», — диэтэ Айсен Николаев.
Сергей Манаенков оҥорон таһаарыы сабардамын улаатыннарыы түмүгэр 2022 сылга Орто Ботуобуйа сирин баһылааһын саҕаланыаҕыттан 25 мөлүйүөн туонна ньиэби хостообуттарын иһитиннэрдэ. Итини таһынан кини Ил Дархаҥҥа хампааньыйа үөрэххэ уонна Саха сирин дьонун-сэргэтин олоҕун тупсарыыга туһуламмыт бырайыактарын туһунан кэпсээтэ. Ол курдук, тэрилтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин кытта сөбүлэҥ быһыытынан Аччыгый наука академиятын үөрэнэр куорпуһун үлэҕэ киллэрдэ, ыччат ньиэпкэ уонна гааска бастакы слетун тэрийэн ыытта. Хампааньыйа «Роснефть» – «Оскуола — үрдүк үөрэх — тэрилтэ» үөрэх быстыбат корпоративнай систиэмэтин олоххо киллэрэр. «Роснефть» кылаастара бүгүн Ленскэй, Мииринэй оройуоннарыгар уонна Дьокуускайга бааллар.
Итини таһынан нефтяниктар өйөбүллэринэн Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Мииринэйдээҕи политехническай институтугар «Нефтегазовай дьыала» диэн бастакы кафедра арылынна.
Айсен Николаев тэрилтэ кэлэктиибигэр таһаарыылаах үлэ уонна олох-дьаһахха эппиэтинэстээх корпоративнай бэлиитикэ иһин махталын биллэрдэ.
Муус устар 25 күнэ. Дьокуускайга бу күн «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа уопсастыбаннай өйөбүлүн ыстаабын арыйдылар. Биир баартыйалаахтарын үөрүүлээх түгэнинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана, баартыйа Саха сиринээҕи салаатын сэкирэтээрэ Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.
«Күн-дьыл уларыйан иһэр. Дойду сайдыытын иһин эппиэттиир баартыйа эмиэ уларыйан, олох ирдэбилигэр сөп түбэһэн иһиэхтээх. Бу ыстаап – баартыйа үлэлии турбут уопсастыбаннай приемнайдарын трансформацията буолар. Нэһилиэнньэ маннык халыыбы биһириэҕэ диэн эрэллээхпин. Биһиги аһаҕаспыт. Дьон манна өйөбүл көрдүү уонна сүбэлэтээри кэлиэхтэрэ. Баартыйа көмөлөһөргө өрүү бэлэм», – диэтэ Айсен Николаев.
Муус устар 25 күнэ. Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үлэлиир дойду Бэрэсидьиэнин приемнайыгар дьону кытта көрүстэ. Манна Горнай улууһун элбэх оҕолоох ыалларын кыбаарталын олохтооҕо Степан Лукин маһынан оттуктанан олорор ыарахан, дьиэлэрбитигэр гааһы киллэриҥ диэн көрдөһүүлээх таҕыста.
Көрсүһүүгэ Бэрдьигэстээххэ Пахомова, Петрова, Семенов, Агеев уонна Алексеев уулуссаларга олорор элбэх оҕолоох ыаллар дьиэлэригэр гааһы быйыл киллэриэххэ диэн быһаарыныы ылыннылар. Ити кыалларын туһугар дьиэ кэргэттэр учаастактарын бэйэлэрин бас билиилэригэр суруйтарыахтаахтар уонна гааһы холбуурга сайабылыанньа биэриэхтээхтэр.
Муус устар 26 күнэ. Ил Дархан ойуур баһаардарыгар бэлэмнэниигэ анаммыт бүтүн Арассыыйатааҕы селекторнай мунньахха кытынна.
Дойду Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Виктория Абрамченко 2021 сылы кытта тэҥнээтэххэ, былырыын Саха сиригэр ойуур баһаарын уота сиэбит иэнин үс төгүл кыччатары ситистибит диэтэ.
Айсен Николаев мунньахха өрөспүүбүлүкэ быйыл туох бэлэмнээҕин туһунан дакылааттаата.
2023 сылга Саха сиригэр ойуурдары уоттан харыстааһыҥҥа былырыыҥҥы курдук 1,6 млрд солкуобай көрүлүннэ. Маныаха өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбү тыырыы 77 мөл. солкуобайынан улаатта. Эрэгийиэн бу үлэҕэ барыллаан ороскуота – 990 мөл. солкуобай.
Ити түмүгэр ойуур баһаардарын кытта охсуһар тэриллиилэр үлэһиттэрин ахсаанын 1203 диэри элбэттилэр. Итинтэн 648 киһи – Якутлесресурс, 555 — Авиалесоохрана парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспатын үлэһиттэрэ.
«Харабылланар сир кэҥээбитинэн ситимнээн авиация маршруттарын 4,5 тыһыынча км улаатыннардыбыт. Ол түмүгэр 20,8 тыһыынча км буолла. Сиринэн сылдьан кэтиир маршрут 1 тыһыынча км уһаата уонна уопсай устата 8,5 тыһыынча км буолла», — диэн иһитиннэрдэ Айсен Николаев.
Муус устар 26 күнэ. Бу күн Саха сиригэр дойду айылҕа баайыгар уонна экологияҕа миниистирэ Александр Козлов үлэлээтэ. Кини өрөспүүбүлүкэ ойуур баһаардарыгар бэлэмин бэрэбиэркэлээтэ. Ол курдук, баһаардары кытта охсуһар тэриллиилэр үлэһиттэрин, тиэхиньикэлэрин көрүү буолла.
Бу боппуруоска анаммыт мунньахха Ил Дархан Саха сирэ быйыл МЧС-тан уонна Рослесхозтан ойуур баһаардарыгар бэлэмин туһунан пааспардары ыйыллыбыт болдьоххо аан бастакытын ылла диэн бэлиэтээтэ.
«Бу биһиги 2021 сыл кытаанах тургутууларын кэнниттэн улахан үлэни ыыппыппыт туоһута», – диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан Владимир Путин өйөөн, былырыын ойуурдары уоттан харыстааһыҥҥа эрэгийиэн үбүлээһинэ аҕыс төгүл улааппытын санатта.
Муус устар 26 күнэ. Дойду айылҕа баайыгар уонна экологияҕа миниистирэ Александр Козлов өрөспүүбүлүкэҕэ геологоразведкаҕа анаммыт федеральнай бырайыагы олоххо киллэрии боппуруостарыгар мунньаҕы ыытта. Кини Саха сирэ Азия — Чуумпу акыйаан эрэгийиэнин дойдуларыгар чугас сытар, экспортка табыгастаах, онон манна саҥа газовай минеральнай-сырьевой киини тэрийиэхпит диэтэ.
«Дойду Бэрэсидьиэнигэр минеральнай-сырьевой баазаны улаатыннарыыга Саха сирин пилотнай эрэгийиэн оҥорорго уонна геологоразведка үбүлээһинин сыллата 10-15 млрд солкуобайга тиэрдэргэ этии киллэрбиппит. Бу этиилэр биһирэннилэр», – диэтэ Айсен Николаев.
Муус устар 27 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммит күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ.
Айсен Николаев эрэгийиэннээҕи баалабай бородуукта кээмэйинэн бүгүн Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ таҕыстыбыт, Арассыыйа инвестицияҕа килиимэтин национальнай рейтинигэр эрэгийиэннэр ортолоругар 13-с уонна Уһук Илиҥҥэ 2-с миэстэлэнэн 15 бастыҥ ахсааныгар киирдибит диэтэ. 2022 сыл түмүгүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтэ дьиэҕэ гааһы киллэрии ахсаанынан дойдуга бэһис, Уһук Илин эрэгийиэннэрин ортолоругар бастакы уонна “Уһук Илиҥҥи ипотеканан” кирэдьиити биэрии кээмэйинэн уонна ахсаанынан иккис буолла. Оттон IТ-өҥөлөр экспортарыгар Сахабыт сирэ Уһук Илиҥҥи уокурукка бастакы миэстэлээх. Маны тэҥэ 2022 сылга оҕо төрөөһүнүнэн уонна нэһилиэнньэ айылҕа быһыытынан эбиллиитин көрдөрүүтүнэн Уһук Илин эрэгийиэннэрин ортотугар бастакы уонна дойду үрдүнэн сэттис миэстэҕэ тахсыбыппыт дьоһун суолталаах.
Бырааһынньык күн Ил Дархан Былатыан Алексеевич Ойуунускай сырдык аатын кэриэстээн, кини пааматынньыгар сибэкки уурда.
Муус устар 27 күнэ. Ил Дархан Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин наҕараадаларын туттарда.
«Бүгүн бу саалаҕа бастыҥтан бастыҥнар, Саха сирэ киэн туттар дьоно муһуннугут. 2023 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтин иккис үйэтин бастакы сыла. Бүгүн Сахабыт сирэ кэлэр уонунан сылларга сайдыытын торумнаан, киэҥник эргитэ көрөн саҥа сыаллары, соруктары туруорарбытыгар тоҕоостоох күн», – диэн эттэ Айсен Николаев.
Дойду Бэрэсидьиэнин ыйааҕынан анал байыаннай дьайыыга кыттыбыт биэс саха саллаата «За отвагу», оттон икки буойун Оборона миниистирин бирикээһинэн «За боевые отличия» мэтээллэринэн наҕараадаланнылар. Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар кылааты киллэрбит Саха сирин олохтоохторо бу күн Айсен Николаев илиититтэн дойду Бэрэсидьиэнин, Федерация Сэбиэтин махталларын, СӨ Ил Дарханын Грамотатын, СӨ «Гражданскай килбиэн» бэлиэтин уонна судаарыстыбаннай бириэмийэлэри туттулар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү наҕараадатын – «Хотугу сулус» уордьаны Ил Дархан Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатын сүрүн зоотехник-технологар Елена Рычковаҕа туттарда.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык олохтооҕо үрдүк ааты Саха сиринээҕи научнай киин гуманитарнай чинчийиилэргэ уонна Хотугу норуоттар кыһалҕаларын үөрэтиигэ институтун сүрүн научнай үлэһитигэр, филологическай наука докторыгар, профессор, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитигэр, СӨ наукатын үтүөлээх диэйэтэлигэр Гаврил Куриловка иҥэрдилэр.
Муус устар 27 күнэ. Ил Дархан Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр анаммыт «ТҮМҮҮ көлүөнэтэ» үөрүүлээх мунньахха саха боотуругар Александр Колесовка дойду Бэрэсидьиэнин ыйааҕынан Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллибитин иһитиннэрдэ.
Ити үрдүк ааты кытта киниэхэ уһулуччулаах бэлиэни – «Көмүс Сулус» мэтээли туттарыахтара. Александр Колесов доброволецтар «Барс-2» батальоннарыгар киирэр Саха сирин доброволецтарын «Боотур-1» этэрээт хамандыыра.
Айсен Николаев Александр Колесовка Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аатын иҥэрии Саха Өрөспүүбүлүкэтин анал байыаннай дьайыыга улахан кылаатын билинии диэтэ.
«Боотур-1» этэрээт хамандыыра байыаннай соругу хорсуннук толорбутун үрдүнэн табаарыстарын өстөөх уотуттан таһаарда. Ол курдук, Александр Колесов Арассыыйа Сэбилэниилээх Күүстэрин 50 саллаатын быыһаата, тус бэйэтэ утарылаһааччы бойобуой тиэхиньикэтин суох оҥордо уонна тыыннаах кэккэтин аҕыйатта.
Муус устар 27 күнэ. Ил Дархан Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр анаммыт үөрүүлээх мунньахха ТҮМҮҮ хамсааһын дойдуга уопсастыбаннай уонна култуурунай бырайыактар эстафеталарын ыытар туһунан этиитин өйөөтө.
«Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторун патриотизм, култуурунай нэһилиэстибэ, историяны уонна Саха сирин норуоттарын духуобунас өттүнэн биир кэлим буолууларын көмүскээһин тула сомоҕолуур көҕүлээһиннэрин икки илиибинэн өйүүбүн. Биһиги дойдубут Норуоттарынан, Армиятынан, Ыччатынан, Историятынан күүстээх. Арассыыйа – Биһигинэн күүстээх! Саха сирэ «Арассыыйа – Биһигинэн күүстээх!» диэн ыҥырыылаах бүтүн Арассыыйатааҕы патриотическай акция көҕүлээччитэ буоларыттан үөрэбин», – диэн эттэ Айсен Николаев.
Муус устар 28 күнэ. Айсен Николаев бу күн өрөспүүбүлүкэ 50 туруу үлэһиттэригэр 300 тыһыынча солкуобай харчылаах «Үлэ киһитэ» бириэмийэни туттарда.
«Бириэмийэни туттарыы үрдүк дуоһунастаах салайааччылары чиэстээһиҥҥэ кубулуйбатаҕа миэхэ улахан суолталаах. Лауреаттар ахсааннарыгар 29 – бырамыысалыннас, 21 – олох-дьаһах эйгэтин бэрэстэбиитэллэрэ киирдилэр. Кинилэр бары көннөрү дьон: медицинскэй сиэстэрэлэр, оробуочайдар, сварщиктар, машинистар, социальнай үлэһиттэр, Сахабыт сирин тыатын хаһаайыстыбатын уонна атын салааларын үлэһиттэрэ. Бу төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин, биир дойдулаахтарын олоҕо тупсарын туһугар күннэтэ туһаны аҕалааччы дьон», – диэтэ Айсен Николаев бириэмийэни туттарыыга.
Ил Дархан бириэмийэтин лауреаттарын быһаарыыга тэрилтэлэр уонна улуустар таһымнарыгар улахан үлэ барда. 50 бастыҥы куонкурус хамыыһыйата талла.
Муус устар 28 күнэ. Айсен Николаев эрэгийиэн 2022-2030 сылларга кытаанах коммунальнай отхуоттары дьаһайыыга комплекснай систиэмэтин сайыннарыы бырагырааматын олоххо киллэриини бэрэбиэркэлээтэ. Мунньахха өрөспүүбүлүкэ борокуруорун солбуйааччыта Александр Трухин кытынна. Айсен Николаев боппуруостары ырытыы түмүгэр кытаанах коммунальнай отхуоттары дьаһайыы территориальнай схематын саҥардан биэрэр соругу туруорда.
Бүгүн дойду хас биирдии эрэгийиэнигэр кытаанах коммунальнай отхуоттары дьаһайыы территориальнай схематын оҥоруу үлэтэ ыытыллар. Докумуоҥҥа отхуоттар сабардамнарыттан саҕалаан, контейнернай былаһааккаларга тиийэ бары дааннай киирэр. Схема – эрэгийиэн оператордара үлэлиир сирдэрин уонна отхуоттары дьаһайыы тарибын быһаарар.
Муус устар 29 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин салааларын, олоҕун-дьаһаҕын эйгэтин уонна судаарыстыбаннай салайыытын сыыппараҕа көһөрүүнү бырайыактыыр офис мунньаҕын ыытта.
Айсен Николаев 2022 сыл түмүгүнэн сыыппараҕа көһөрүүгэ эрэгийиэннэр салайааччыларын федеральнай рейтиҥнэригэр 10 миэстэни ыллыбыт диэн бэлиэтээтэ.
«Быйыл кулун тутар ыйга дойду сыыппараҕа министиэристибэтэ бу рейтиҥ саҥардыллыбыт методикатын билиһиннэрдэ. Ааспыт сылга эрэгийиэннэри 13 көрдөрүүнэн сыаналаабыт эбит буоллахтарына, саҥаҕа 19 диэри элбээбит. Госуслугаҕа, Госпабликтарга, информационнай өттүнэн куттала суох буолууга уонна федеральнай информационнай систиэмэлэргэ үлэҕэ туспа көрдөрүүлэр эбиллибиттэр. Ити барыта сыыппараҕа көһөрүү үлэтигэр саҥа соруктары туруорар», — диэн эттэ Айсен Николаев.
Муус устар 29 күнэ. Айсен Николаев доруобуйа харыстабылын уонна үөрэх эбийиэктэрин тутуу тэтимин түргэтэтэр соругу туруорда. Бу туһунан кини национальнай бырайыактар уонна өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бырагыраамаларын чэрчилэринэн олоххо киллэриллэр эбийиэктэри тутууну уонна реконструкциялааһыны салайар суһал ыстаап мунньаҕар эттэ. Ил Дархан Уус Маайа бөһүөлэгэр 45 сытар оронноох, поликлиникалаах балыыһа комплексын, Муома Хонуу сэлиэнньэтигэр 22 сытар оронноох, поликлиникалаах балыыһа комплексын, Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансеры, Жатайга 360 миэстэлээх оскуоланы, Дьокуускай 4 №-дээх анал оскуолатыгар адаптивнай үөрэнэр комплексы, Нам Остуолба бөһүөлэгэр Култуурнай-спортивнай элбэх функциялаах киини тутуу хаамыытын көрдө.
Афанасий Ноев