Кэнники кэмҥэ Интернет ситимигэр “Һунтаартан сылдьабын, һаллыы һүөгэй һиирбин һөбүлүүбүн” диэн ырыа олус тарҕанна. Арааһа хайа да пабликка киирдэххэ булан көрүөххэ, истиэххэ син буолуо. Элбэх киһи бу ким ыллыырын, ырыаларын тылын, матыыбын ким суруйарын интэриэһиргиир буолуохтаах. Онон бүгүҥҥү күммүт ыалдьыта — Сунтаар улууһун Тойбохойуттан сылдьар Лиза Сидорова-Тундра.
Лиза оҕо сааһа
Сааһым 26, Сунтаар Тойбохойуттан сылдьабын. Ийэлээх аҕам олох кыра эрдэхпинэ арахсыбыттара. Бииргэ төрөөбүт быраатым ийэтигэр, онтон мин аҕам өттүнэн эбээлээх эһээбэр иитиллибитим. Билигин дьоммун иккиэннэрин кытары билсэбин, кимиэхэ даҕаны хом санаам суох. Иккиэн миигин өйүүллэр, көмөлөһөллөр.
Оскуолаҕа сылдьан олус сэмэй, үөрэхпэр кыһамньылаах эбээ, эһээ оҕото буоларым. Онтон ахсыс кылааска сылдьан, Дьокуускайга үөрэнэ кэлбитим. Оруобуна, нууччалыы эттэххэ, “переходной” сааһым. Саҥа оҕолору кытары билсэр, кэлэктиипкэ киирэр ыарахан этэ.
Биллэн турар, миигин ким даҕаны үөрэ-көтө көрсүбэтэҕэ. «Дэриэбинэҕин», “мамбеткын” диэн тыллары элбэхтэ истибитим. Чахчы, дэриэбинэттэн кэлбит киһи таҥаһым-сабым, төлөпүөнүм куорат оҕолоругар тэҥнэспэтэ… Били сэмэй Лиза онно уларыйарга, күүстээх буоларга үөрэммитэ, кыратык “тостубута” да диэххэ син буолуо. Тоҕо диэтэххэ, биир “куһаҕан” хампаанньаны кытары булсан, туалекка баран табахтыыр эҥин буолбутум (күлэр-ааптар). Ити кэмҥэ маннык эмиэ буолуохха сөп эбит, хайаан даҕаны “үчүгэй” кыыс буолуохтаахпын диэн буолбатах эбит диэн санаалар киирбиттэрэ. Бу курдук биир сыл үөрэммитим, онтон «куорат» олоҕун ылыммакка, эһиилигэр дойдулаабытым.
Онус кылааска аны Мииринэйгэ үөрэнэ барар буолбутум. Мииринэйгэ нуучча кылааһыгар икки эрэ саха буолан үөрэммиппит. Манна кылааспытыгар араас омуктар бааллара, ким даҕаны кими даҕаны сэнээбэт, атаҕастаабат этэ. Онтон 11-с кылааска дойдубар Тойбохойго төннөн,онно оскуоланы бүтэрбитим. Бу сыл аны көхтөөх киһи кутум уһуктан, бары тэрээһиннэргэ барытыгар кыттарым, бэйэбэр эрэлим күүһүрбүтэ диэххэ сөп.
Устудьуон сыллар
Оскуолаҕа сылдьан үчүгэйдик үөрэммитим. Иллэҥ кэммэр үҥкүүлүүрүм уонна домраҕа оонньуурум. Тоҕо эрэ ыллаабат этим. Дизайнер буоларбын ыралыырым гынан баран, 11-с кылааска сылдьан, “Центровуз” олимпиадатыгар кыттан, “алҕас” миэстэлэһэн кэбиспитим. Инньэ гынан, оскуоланы бүтэриэм иннинэ, Томскай куоракка «Геолог» үрдүк үөрэҕэр киирбитим. Ол эрээри, төрдүс кууруска кэлэн, үөрэхпин сөбүлээбэккэ бырахпытым. Дьиҥэ үһүс кууруска диэри олус үчүгэйдик үөрэммитим, өрүү саамай үрдүк бааллары ыларым, холобур да курдук сылдьыбытым диэххэ син.
Үһүс куурус кэннэ Алтайга геологическай практикаҕа икки ыйга барбытым. Онно алта эр киһини кытары соҕотох кыыс буолан үлэлээбитим. Үтүө, сиэрдээх дьону кытта үлэлээн, практикабын этэҥҥэ түмүктээбитим.
Ол эрээри, ити практика кэннэ геолог буолуу кыыс киһиэхэ соччото суох идэ эбит диэн өйдөөбүтүм. Онон төрдүс кууруска тахсан баран, эбээбэр “үөрэхпин быраҕыахпын баҕарабын” диэн, баары баарынан эппитим. Эбээм барахсан кыыһырбатаҕа, «бэйэҥ билэр буоллаҕыҥ» диэбитэ, үлэтэ көрдөн диэн сүбэлээбитэ.
Арба, ити устудьуоннуу сылдьан аан маҥнай ыллыырга холоммутум. Устудьуоннар куораттарыгар олорбут буоламмын, араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттарым.
Биирдэ ыллаабыппын кэннэ элбэх киһи кэлэн хайҕаабыта, наһаа үчүгэй куоластаах эбиккин диэн үөрдүбүттэрэ. Итинтэн мин сүргэм көтөҕүллэн, иллэҥ кэммэр муусуканан дьарыгырар, кыралаан ыллыыр буолбутум.
Сөбүлүүр дьарыга
Үөрэхпин быраҕан баран, тугунан дьарыктанабын диэн боппуруос турбута. Дэлби толкуйга түспүтүм. Иллэҥ кэммэр уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн, онон эмиэ даҕаны “Beauty” эйгэҕэ талаһарым.
Ол быыһыгар устудьуоннуу сылдьан, сакаас ылан пижама тигэрим.
Ити курдук син толкуйдуу түһэн баран, ордук эр дьону кытары быдан тапсар буоламмын, эр дьон баттаҕын кырыйар идэҕэ үөрэнэммитим. “Бородач” барбершопка үлэҕэ киирэн, бэрт таһаарыылаахтык, сэргэхтик хас даҕаны сыл үлэлээбитим.
Коллективпын билигин даҕаны ардыгар ахтабын
Саха сиригэр төннүү
Мин оскуоланы бүтэрэн баран, аҕыс сыл Томскайга олордум. 2021 сыллаахха эбээм доруобуйатынан мөлтөөн, сайын Саха сиригэр төннүбүтүм. Хомойуох иһин, эбээм барахсан билигин биһиги кэккэбитигэр суох… Дойдубар Тойбохойго эдьиийим баар, онно олорон маҕаһыыҥҥа үлэлээбитим. Онтон бу сыл алтынньыга сүүрүк аты миинээрибин, сууллан түһэн, ойоҕоһум уҥуоҕун уонна хомурҕаммын тоһуппутум. Инньэ гынан, өр баҕайы «больничнайга» сыттым. Үргүччү үлэбиттэн уурайан, бу Дьокуускайга кэллим.
Инники былааннар
«Куһаҕан даҕаны үчүгэйдээх» дииллэрин курдук, «больничнайга» таах олоруохтааҕар кылгас рэп суруйан, социальнай ситимҥэ таһаарбытым. Онтум тута тарҕанан хаалбыта, бэйэм даҕаны соһуйбутум. Ырыам матыыбын эмиэ социальнай ситимтэн ылабын, тылларын бэйэм суруйабын, бэйэтэ тиһиллэн тахсарга дылы.
Казах рэппердарын ордук сөбүлүүбүн, холобур, Ирина Кайратовнаны, Скриптониты. Кинилэр тылы кытары олус үчүгэйдик “оонньууллар”. Казахтыы билбэт да киһи сөбүлээн истэр гына, дорҕооннорун дьүөрэлииллэр, “фонетически” интэриэһинэй тыаһы таһаараллар. Мин ити рэпердар муусукаларын истэн баран, тоҕо биһиэхэ Саха сиригэр итинник суоҕуй дии санаабытым. Биһиги тылбыт эмиэ олус баай, киһи хайдах баҕарар, сахалыы дорҕооннору олус “минньигэс” гына дьүөрэлээн, ырыаны-хоһоону суруйуон син.
Тэттик видеоларым социальнай ситимнэргэ тарҕаммыттарын кэннэ, хас даҕаны киһи интэриэһинэй этиилэрдээх суруйа сырытта. Билигин биир дойдулаахпын Илья Попову кытары айар үлэнэн дьарыктанан эрэбин. Онон Саҥа дьылы саҥа ырыалаах көрсүбүт киһи диэн баҕа санаалаахпын, диэн Лиза кэпсээнин түмүктээтэ.