23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Евгений Иннокентьев: Балыыһаларга мааска уонна вируһу утары эмп баар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Росздравнадзор Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Евгений Иннокентьев медицина тэрилтэлэрэ, аптекалар бэйэни харыстанар сириэстибэлэринэн, вируһу утары эминэн, медицинскай мааскаларынан хааччыллыыларын туһунан кэпсээтэ. 


«Балыыһалар бары медицинскай маасканан уонна сөптөөх эминэн хааччыллан олороллор. Күн аайы балыыһаларга, апетекаларга, кууһунан атыылыыр ыскылааттарга мониторинг ыытабыт. Бэрэбиэркэлээн туоһулаһыыга күн ахсын 63 балыыһа хабыллар», — диэтэ Евгений Иннокентьев.  

Медицина тэрилтэлэригэр 900 тыһ тахса устуука мааска, респиратор – 3,5 тыһ. устуука, бэйэни көмүскэнэр көстүүм – 3,5 тыһ. устуука, дезинфекциялыыр сириэстибэ – 190 тыһ. тахса хаа баар. Биирдиилээн уонна кууһунан атыылыыр фармацевтика ыскылааттарыгар медицинскай мааска билигин суох.  

«Аптекаларга, балыыһаларга үөһэ этиллибиттэр киириилэрин эмиэ көрөбүт. Медицинскай мааска киириитэ суох. Сорох балыыһалар респиратордары уонна көстүүмнэри ылыммыттар», — диэтэ Иннокентьев.  

Өрөспүүбүлүкэҕэ бу күннэргэ 5 мөл медицинскай мааска Кытайтан кэлэрэ күүтүллэр.

Источник: СӨ Баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА