Саха сиригэр энергияны харыстыыр үлэ муниципалитеттарынан күүскэ ыытыллыбытын түмүгэр 252 мөл.солк. экономияланна. Бу туһунан СӨ ОДьКХ уонна энергетикэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Министиэристибэ муниципальнай тэриллиилэргэ элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ энергияны харыстыыр үлэни ыытыыга субсидия көрүүтүгэр куонкурус биллэрбитэ. Барыта 19 сайаапка киирбититтэн 17-тэ биһирэннэ.
Субсидияны бу хайысханан үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлээх куорат уонна нэһилиэктэр ылбыттара: Алдан куорат, Аллараа Кураанах бөһ., Амма нэһилиэгэ, Жатай бөһ., Ленскэй куорат, Чернышевскай бөһ., Ленскэй нэһилиэгэ, Нерюнгри куората, Беркакит бөһ., Серебряный Бор бөһ., Золотинка, Чульман, Таатта нэһилиэгэ, Хаандыга, Депутатскай, Покровскай уонна Дьокуускай куораттар.
«Субсидия харчытынан дьиэ илин өттүн, хоруобуйалары, подъезтары, техническай хостору, инженернэй ситими тупсарыыга туттуохтара. Бу олорор дьиэ фондатыгар энергияны харыстыырга туһуланар», — диэн пресс-сулууспа иһитиннэрэр.
Министиэристибэ сотору кэминэн куонкуруһу кыайбыт тэриллиилэри кытта Сөбүлэҥҥэ илии баттаһыа.