Бүгүҥҥү күҥҥэ Украинаҕа буола турар быһыыга-майгыга Саха сириттэн кыттар контрактниктар тустарынан информация суох. Ол туһунан Федерация Сэбиэтин сенатора Егор Борисов пресс-конференция кэмигэр эттэ, суруйар СИА.
«Украина анал эпэрээссийэтигэр сүрүннээн контрактниктар сылдьаллар, ол иһигэр биһиги биир дойдулаахтарбыт. Уһук Илиҥҥи уокурукка сулууспалыы сылдьааччылар тустарынан <информацияны> чуолкайдастыбыт. Эрдэтээҥи уонна билиҥҥи байыаннай эпэрээссийэлэргэ кыттыбыт контрактниктарга сыһыаннаах информацияны кимиэхэ да биэрбэттэр. Чугас дьонноругар сибээскэ тахсыылара суох. Онон контрактниктар тустарынан информация суох. Контрактник сулууспаҕа киирэригэр биир сүрүн усулуобуйатынан — кини аармыйаҕа буолар быһыыга-майгыга сөбүлэһиэхтээх. Бу тиэмэнэн мин тустаах дьоҥҥо тахса сылдьыбытым даҕаны, хоруй маннык«, — диэтэ Егор Борисов.