«XV Олоҥхо ыһыаҕа Үөһээ Бүлүүгэ: ийэ тыл, үйэлээх үгэс, уопсастыба» диэн XII билим-методическай өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэ 25 олугунан ыытылынна. Хас биирдии олук олус интэриэһинэйдик, элбэх истээччилээх, санаа атастаһыылаах ааста.
«Саха оһуора-мандара» уонна «Өбүгэ таҥаһа-саба» диэн семинар уонна маастар кылаас олугар дьахтар аймах тоҕуоруһа муһунна. Бу олукка М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун фольклор уонна култуура кафедратын доцена, история билимин хандьыдаата Светлана Ивановна Петрова саха өбүгэ төрүт таҥаһын тигиитин кистэлэҥнэрин үллэһиннэ.
Ыытыллыбыт маастар кылаастан хас биирдии кэрэ аҥар олус туһалаах сүбэ-ама истэн, эр дьон сонун уонна дьахтар хаһыаччыгын киэбин устан, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Сарсын олукка үлэ сарсыарда 10 чаастан саҕаланыаҕа.
Үөһээ Бүлүү улууһугар быйыл Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллар. Онно бэлэмнэнии үлэтэ күүскэ ыытыллар.
Ааптар: Татьяна Потапова, Үөһээ Бүлүү, улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата