22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үөһээ Бүлүүгэ «Тыа сирэ – Россия дууһата» форум саҕаланна

11:07, 26 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Тыа сирэ – Россия дууһата» форум Үөһээ Бүлүүгэ М.А. Алексеев аатынан республикатааҕы лицей-интернакка икки күннээх үлэтин ыам ыйын 25 күнүгэр саҕалаата. Тыа сирэ сайдарын туһугар туһуламмыт форум арыллыытыгар Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин, улуус мунньаҕын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Семен Михалев, Саха сирин общественнай палаататын бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Алексеев, СР гражданскай общество институттарын сайыннарыы миниистирин бастакы солбуйааччыта Савва Михайлов кыттыыны ылаллар.


Форум тыа сирин сайдыытыгар, дьону олохсутууга, ыччаты үлэнэн хааччыйыыга болҕомтону уурарын мустубут дьон бэлиэтээтилэр. Онон икки күн устата бу тула киэҥ кэпсэтии ыытыллар. Общественнай палаата бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Алексеев: «Дойду президенэ Владимир Путин дьаһалынан, тыа сирин сайдыытыгар 1 млрд. солк. харчы көрүллүбүтэ. ТОС (түөлбэ) регистрациялааһын бэрээдэгин олохтоотубут, түөлбэлэр олорор сирдэриттэн ырааппакка «МФЦ» тэрилтэ көмөтүнэн туһаныахтарын сөп буолла. Биһиги республикатааҕы уонна федеральнай сокуоннарга олоҕуран үлэлиибит. Норуоту кытары диалог тэрийээһинигэр болҕомтобутун уурабыт», — диэн быһааран  кэпсээтэ.

Биһиги биир дойдулаахпыт, СР гражданскай общество институттарын сайыннарыы миниистирин бастакы солбуйааччы Савва Михайлов Вячеслав Штыров, Егор Борисов тыа сиригэр дьону олохсутарга сөптөөх программалары ылынан, олохтоохтор нэһилиэктэргэ хаалыылара элбээбитин бэлиэтээтэ. «Саамай дьиҥнээх общество тыа сиригэр баар» диэн сөпкө этэллэр. Түөлбэ үлэтэ күүстээх диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Олохтоохтор бэйэлэрин санааларынан нэһилиэк сайдарын туһугар үлэлииллэр, ыччакка холобур буолаллар. Билигин биһиги иккис түһүмэххэ өссө үөһэ тахсыахтаахпыт. Ол аата, түөлбэбитин регистрациялаан, граннарга киирсэн, дьоммутун хамнастыахтаахпыт. Үлэ үбүлэнэр буоллаҕына – ити үчүгэй көстүү», — диэтэ кини.

Онтон Үөһээ Бүлүү улууһун мунньаҕын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Семен Михалев тыа сиригэр болҕомто ууруллар буолбута олус үчүгэйин, олоҕу тупсарыыга саҕалааһыннар киирэллэрин эттэ. «Биһиги билигин куораттан хаалсыбаппыт, оҕолорбут толору хааччыллыылаах оскуолаларга үөрэнэллэр, куорат оҕолоруттан итэҕэһэ суохтар. Тыа сиригэр общественность, государство өттүттэн болҕомто уурулларыттан, мин, тыа сирин олохтооҕо буоларым быһыытынан, олус үөрэбин. Сайдыыга тэҥҥэ хаамыахпыт!», — диэн эрэнэрин биллэрдэ.

Общественнай палата бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Марина Богословская  коммерческайа суох тэрилтэлэри өйүүр 8 грант-оператордара үлэлиир буоллахтарына, эбии «Перспектива» фонда 9-с грант-операторынан арыллыбытын иһитиннэрдэ. Манна общественниктары өйүүргэ 500 мөл. солк. харчы көрүллэр буолбут.

Тыа сирин сайдыытын туһунан историческай наука доктора, профессор Никита Архипов, Манчаары фондатын салайааччыта, депутат Василий Ченохов, Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга Михаил Донской, Дүллүкү нэһилиэгин баһылыга Иван Ан о.д.а. санааларын атастастылар, үгүс этиилэри киллэрдилэр.

Бастыҥ үлэлээх-хамнастаах нэһилиэктэр бэрэстэбиитэллэрэ – Кэнтик нэһилиэгин туһунан улуустааҕы сэбиэт депутата Василий Алексеев, Оҥхой нэһилиэгин туһунан баһылык Герман Отов, Хоро нэһилиэгин түөлбэлэрин туһунан Москваҕа ыытыллыбыт ТОС съезд делегата Акулина Аммосова сырдаттылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА