Саха аттарынан Өймөкөөнтөн Москва диэки айаннаан иһэр Дугуйдаан Винокуровка кини 9 саастаах уола Дархан кыттыста. Кинилэр ааспыт сыл кулун тутарга саҕаламмыт сылгыларынан уһун-киэҥ айаны бииргэ түмүктүөхтэрэ. Билигин аҕа уонна оҕо Казань куоракка сылдьаллар. Анаммыт сирдэригэр диэри 800-тэн тахса км хаалла.
«Үс сыллааҕыта төрөппүттэрим миигин Өймөкөөнтөн Хабаровскайга диэри бастакы атынан айаҥҥа илдьэ барбыттара. Мин бу иитии ньыматын үтүө үгэскэ кубулутарга былааннанным. Биһиги холбуу айаммытын оҕом хаһан да умнуо суоҕа диэн эрэнэ саныыбын. Киниэхэ билигин барыта интэриэһинэй. Маннык түгэннэргэ киһи күннээҕи олоҕор сатаан быһаарбат түгэннэрэ буолаллар, туспа уопут. Сорох түгэни киһи аҕатын холобуругар эрэ көрүөн сөп. Ол бу араас тахсыбатын туһугар биһигини кытта аралдьыттар бааллар», — диэн бэйэтин телеграм-ханаалыгар Дугуйдан Винокуров иһитиннэрдэ.