Балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Судаарыстыбаннас күнүгэр, Дьокуускайга Доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр киин үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.
Саҥа киин Аҕа дойду Улуу сэриитин уонна локальнай байыаннай дьайыылар бэтэрээннэрин доруобуйаларын көрөргө-истэргэ ананар.
Саҥа дьиэни Инбэлииттэри биир кэлим чөлүгэр түһэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр киин 54 эбии миэстэнэн хааччыйыаҕа. Манна сылга 900-тэн тахса киһи сылдьыаҕа.
Бу объект медицина аныгы тиэхиньикэтинэн сэбилэннэ, доруобуйаны чөлүгэр түһэрии, чэбдигирдии аныгы ньымалара эмтээһин хаачыстыбата тупсарыгар көмөлөһүөхтэрэ.