22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьон төлөпүөнүн, онтон харчытын уорбуттар

16:43, 12 июля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Киһи бэркиһиир, уоруунан эрдэттэн барытын толкуйдаан-былааннаан дьарыктанар дьон баарыттан! Суобас дуома суох, сирэйдэрин тымыра хамсаан да көрбөккө, дьон баайын-малын «ааһан иһэн» апчарыйар уоруйахтар аттыбытыгар сылдьалларыттан!

edersaas.ru

Булун улууһун Тикси бөһүөлэгин икки олохтооҕо — дьахтардаах эр киһи — муус устарга дьонтон суотабай төлөпүөннэрин уоруунан дьарыктаммыттар. Ол уораннар, төлөпүөннэригэр ол дьон сим-каарталарын угаттаан, «мобильнай баан» нөҥүө дьон харчытын бэйэлэрин каарталарыгар ыыппыттар.

Уорбут харчыларын каарталарыттан устан, тус наадаларыгар туттубуттар.

Бу дьыала суукка көрүллэн, эр киһиэхэ 2 сыл 2 ыйга, дьахтарга 1 сыл 6 ыйгаусулуобунай миэрэ анаабыттар. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирбит.

Суотабай төлөпүөннэр уонна уорбут харчыларын барытын хаһаайыттарыгар төннөрбүттэр.

Борокуратуура санатар: сим-каарталаах төлөпүөҥҥүтүн сүтэрдэхиитинэ, уордардаххытына биитэр уларытаргытыгар, суотабай сибээс операторыгар тиийэн, «мобильнай баан» өҥөтүн араартараргытын умнумаҥ.

Бу дьыл ыам ыйын 4 күнүттэн РФ Холуобунай кодексатын 158-с ыстатыйатын 3-с чааһыгар «г» пуун эбиллибитэ: баан счетуттан уоруу иһин накаастабыл миэрэ быһыытынан, 500 тыһ. солк. диэри суумаҕа ыстараап биитэр 6 сылга диэри болдьоххо көҥүлү быһыы (ыстарааптаах) көрүллэр.

Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА