Бу күннэргэ куорат оскуолаларыгар саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнэнии үгэнэ. Дьокуускай куорат 121 оскуолатыттан сүүһэ ититэр систиэмэтин ыраастаан бүппүт. Бу туһунан Якутск.РФ саайт суруйар.
Коронавирус дьаҥын тарҕаппат туһуттан куорат бары оскуолаларыгар куруук дезинфекция, термометрия оҥоһуллар буолуо, маныаха оскуолалары, оҕо саадтарын антисептигынан, салгыны ыраастыыр тэриллэринэн хааччыйыахтара.
Роспотребнадзор ирдэбилинэн балаҕан ыйын 1 күнүгэр оскуолаларга 2092 салгыны ыраастыыр, 1577 антисептик дозатора, 633 бесконтактнай термометр, 4563 антисептик, 2254 дезинфекциялыыр сириэстибэлэр баар буолуохтаахтар.
Үөрэхтээһин управлениетын салайааччы Алексей Семенов сайыҥҥы лааҕырга анаммыт 49 мөл 230 тыһ.солкуобай харчыны ити тэриллэри атыылаһыыга ыытарга Ил Дархантан сурук баарын туһунан иһитиннэрдэ.
Куорат баһылыгын солбуйааччы Наталья Степанова эппитинэн харыстанар мааскаларынан хааччыйыыга 302 тыһ солкуобай, бэрчээккэлэри ылыыга 93 тыһ., антисептиктарынан хааччыллыыга 396 тыһ.солк наада. Сууйар, дезинфекциялыыр сириэстибэлэргэ 3 мөл кэриҥэ солкуобай харчы наада, антисептиктарга — 15 мөлүйүөн. Салгыны ыраастыыр тэриллэргэ 17 мөл. солкуобай.
Баһылык Сардана Авксентьева тус харыстанар, дезинфекциялыыр сириэстибэлэргэ уонна оборудованиеҕа барыта 80 мөл солкуобай наадатын эттэ.
Оҕолор сайыҥҥы лааҕырдарыгар көрүллүбүт 49 мөлүйүөнү харыстаныы миэрэлэригэр туһаныахыт. Үөрэх министиэристибэтэ Ил Дархан протокольнай сорудаҕын кэмигэр толордоҕуна, оскуолалары бириэмэтигэр салгыны ыраастыыр тэриллэринэн хааччыйыа этибит, диэн баһылык этиитин түмүктээтэ.
Маны таһынан, баһылык харыстанар сириэстибэлэри аҕалыы, тиэрдии боппуруоһун үөрэх управлениетыгар хонтуруолга ыларын эттэ.