“Сахаэнерго” АУо Усуйаана оройуонун Депутатскай бөһүөлэгин модульнай ДЭС-гар үс дизель-генератордарыттан биирдэстэрин уларытта.
«Депутатскай электростанциятыгар двигатели уларытыы үлэтэ “Сахаэнерго” инвестиционнай бырагырааматын чэрчитинэн ыытылынна, — диэн кэпсээтэ кылаабынай инженери солбуйааччы – Хампаанньа дизельнэй оборудованиены үлэлэтиигэ уонна өрөмүөннээһиҥҥэ управлениетын начаалынньыга Николай Копырин. – Саҥа двигатель MTU Friedrichshafen собуокка оҥоһуллубута. Оборудованиены уонна саппаас чаастарын массыынанан уонна авиация тырааныспарын көмөтүнэн тиэртибит”.
Дьааҥытааҕы электрическэй тиһиктэр үлэһиттэрэ уонна бэдэрээтчит тэрилтэ двигатели уларыттылар, технологическай тиһиккэ холбоотулар.