«Сахамедиа РИИХ» ААУо тэрийиитинэн СИА сахалыы саайтыгар «Чугдаарар чуорааммыт» хаартысканан куонкурус ыам ыйын 26 күнүттэн бэс ыйын 19 күнүгэр диэри ыытылынна. Күрэскэ Бүлүүгэ, Тааттаҕа, Сунтаарга, Аммаҕа, Чурапчыга, Уус Алдаҥҥа о.д.а. оскуолаларга үөрэммит кэрэ кэмнэрин, дьоллоох оҕо саастарын ахтар-саныыр ааҕааччыларбыт көхтөөхтүк кытыннылар. Манна уруккуну кэпсиир, көрдөрөр саһарбыт хаартыскалартан саҕалаан, быйыл, былырыын, аҕыйах сыллааҕыта үөрүүлээх түгэҥҥэ түспүт хаартыскалар киллэриллибиттэрэ болҕомтону улаханнык тарта.
Куонкуруска киирбит хаартыскалары куоластааһын түмүгүнэн, Айталина Аксенова «Оҕо сааһым ахтылҕана» (Бүлүү) барыта 271 куолаһы ылан бастакы миэстэҕэ таҕыста. Иккиһи Амма улууһугар Сулҕаччы орто оскуолатыгар үөрэммит Мария Корнилова «Чуорааным лыҥкынас тыаһынан» хаартыскаларынан ылла. Үһүс бириистээх миэстэҕэ Таатта улууһун Дьохсоҕон оскуолатыгар түспүт «Умнуллубат онус кылаас» хаартыскаларынан Сардаана Николаева таҕыста.
Биһирэбил бириистэргэ Туйаара Григорьева (Сунтаар), Любовь Федорова (Дьокуускай), Светлана Гурьева, Qwerty, Петр Протодьяконов тигистилэр.
Хаартысканан куонкуруска кыттыбыттарга бука барыларыгар улахан махталбытын тиэрдэбит. Кэлэр да өттүгэр бу курдук көхтөөхтүк кытта тураргытыгар баҕарабыт.
Кыайыылаахтары уонна биһирэбил бириискэ тиксибиттэри эҕэрдэлээһин от ыйын 1 күнүгэр «Сахамедиа РИИХ» ААУо медиа-киинигэр 11 чаастан буолар. Кэлиҥ, сылдьыҥ, үөрүүгүтүн үксэтиҥ!