Саха сиринээҕи УГМС алтынньы 13 күнүнээҕи күн-дьыл туһунан иһитиннэрдэ.
Түүн киин улуустарга -15…-20° диэри тымныйыа, соҕуруу өттүгэр — -5…-10°, арҕаа өттүгэр сөҥүү түстэҕинэ -2…+3°, хотугулуу-илин хайалаах сиргэ -23…-28° диэри тымныйыаҕа.
Күнүс киин улуустарга 0…-5°, соҕуруу уонна арҕаа өттүгэр +2…+7°, хотугулуу-илин -5…-10° буолуоҕа.
Хотугулуу-арҕаа уонна арҕаа өттүгэр кыра хаар, соҕуруу — инчэҕэй, сорох сиринэн орто соҕус хаар түһүөҕэ.
Дьокуускайга түүн -13…-15°. Сарсыарда сорох сиринэн туманнаах буолуоҕа. Күнүс -2…-4°.



