Саха сиригэр чэпчэтиинэн туһанааччылары эминэн-томунан хааччыйыы былаан быһыытынан бара турарын «Сахафармация» хампаанньа иһитиннэрдэ. Тыын суолталаах эмтэр, ол иһигэр диабеттаах ыарыһахтарга инсулиннар, толору бааллар. «Чэпчэтиинэн туһанааччылар эмтэрэ барыта баар. Кэлэр кыбаарталга уонна эһиил бастакы кыбаарталга эми-тому атыылаһыы түмүктэнэн эрэр. Быйыл чэпчэтиинэн туһанааччылар ахсааннара элбээбитинэн уонна эмп испииһэгэ кэҥээбитинэн, тэрээһин үлэ кыратык уһаата. Бу былааннаах үлэ. Саппаастан эми туох да харгыһа суох биэрэ турабыт», — диэн «Сахафармация» генеральнай дириэктэрэ эттэ.
Хампаанньаҕа бэлиэтээбиттэринэн, сыл бүтүөр диэри туттуллар инсулин баар. Искэн ыарыыларын, ревматологияны, пульмонологияны уонна да атын ыарахан ыарыылары эмтиир препараттары биэрии салҕанар. Эмтэр аптека ыскылаатын саппааһыттан бэриллэллэр.
РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕынан, эми уонна мэдиссиинэ тэрилин атыылаһыыга Арассыыйаҕа оҥоһуллубут бородууксуйа өрө тутуллар. Аптекаларга номнуо Арассыыйа “тест-полоскалара” баар буолла.
«Өскөтүн чэпчэтиинэн туһанааччыга Арассыыйаҕа оҥоһуллубут глюкометр суох буоллаҕына, «Сахафармация» ханнык баҕарар аптекатыгар сакаастыан уонна босхо ылыан сөп. Бу биһиги ыарыһах олоҕун чэпчэтэргэ суолталаах саҥа дьаһалбыт буолар», — диэн Рехлясов быһаарда.
Бэдэрээлинэй бырагыраамалар харгыһа суох үлэлииллэр, оҕолор уонна өрөспүүбүлүкэ Арктикатын оройуоннарын олохтоохторо эминэн урукку эрэсииминэн хааччыллаллар.
Саха сирин доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ уонна «Сахафармация» АУо күн аайы өрөспүүбүлүкэ аптекалара эминэн хааччыллыыларын кэтээн көрөллөр. Исписэлиистэр эми-тому тиэрдээччилэр хантараактары толорууларын хонтуруоллууллар уонна наада буоллаҕына аптекалар икки ардыларыгар препараттары суһаллык үллэрэн, биир да ыарыһах эмэ суох хаалбатын курдук дьаһайаллар.



