27 Сэтинньи 27.11
  • -31°
  • $ 82,13
  • € 89,81

Ил Дархан Саха сирин Соҕуруутугар ТЭС үлэтин эрэгийиэн сайдыытыгар модун күүс буоларын эттэ

10:07, 27 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Нерюнгри оройуонугар Соҕуруу Саха сирин ититии электроыстаансыйатын (ТЭС) үлэҕэ киллэриини үрдүктүк сыаналаата. Кини санаатыгар, саҥа ыстаансыйа өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ сайдарыгар, Соҕуруу Саха сирин уонна бүтүн Уһук Илин энэргиэтикэтин бөҕөргөтүүгэ дьоһун көҕүлээһин буолуоҕа.

Сэтинньигэ үлэ түмүктэрин «Якутия, вперёд!» биэриигэ таһаарарыгар Николаев эбийиэги үлэҕэ киллэрии ордук өрөспүүбүлүкэ түргэн тэтимнээх экэнэмиичэскэй сайдыытын кэмигэр суолталааҕын бэлиэтээтэ. Бүгүн электроэнергия тиийбэтэ бөдөҥ инвестиционнай уонна инфраструктура бырайыактарын олоххо киллэриигэ хааччахтары үөскэтэр.

«Уһук Илин уонна Саха сирин экэниэмикэтэ олус түргэн тэтиминэн үүнэр. Ити эрээри, бүгүн электроэнергия тиийбэтэ үгүс бырайыактары тохтоторго төрүөтүнэн буолла», – диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэлиэтээтэ.

Николаев этэринэн, Соҕуруу Саха сирин ТЭС – Саха сирин энэргиэтикэтин сайыннарыы киэҥ хабааннаах бырагырааматын бастакы эбийиэктэриттэн биирдэстэрэ. Бу бырагыраама чэрчитинэн билигин икки гигаватт (ГВт) кэриҥэ саҥа кыамта тутулла турар. Кини бэлиэтээбитинэн, энэргиэтикэ эбийиэктэрин маннык кээмэйинэн биир кэмҥэ тутуу өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар өссө суоҕа.

Саҥа ытаансыйа ураты суолтатын эрэгийиэн баһылыга тимир суол Илиҥҥи полигонун сайдыытын кытта ситимниир. Кини кыамтата, бастатан туран, тимир суол инфраструктуратын электрофикациятыгар туһаныллыаҕа, оччотугар дойду арҕаа өттүттэн илин өттүгэр диэри таһаҕаһы тиэйии кээмэйэ улаатыаҕа.

ТЭС үлэҕэ киириитин өссө биир дьоһун түмүгүнэн Николаев Соҕуруу Саха сиригэр энэргиэтикэнэн хааччыйыы эрэллээҕэ үрдүүрүн ааттаата. Кини соторутааҕыта Нерюнгритааҕы ГРЭС-кэ тахсыбыт саахалы санатта уонна саҥа энэргиэтикэ эбийиэгин баар буолуута энэргиэтикэ систиэмэтин бигэ туруктаах үлэтигэр улахан суолталааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

«Ыстаансыйа аныгы, үчүгэй, оборудованиетын үгүс өттө Арассыыйа киэнэ. Ол биллэн турар, бу дойду энэргиэтикэтин систиэмэтин эрэ буолбакка, биһиги Саха Өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар эмиэ модун күүстээх энэргиэтикэ хамсааһынынан бары ааҕаллар», – диэн Айсен Николаев эттэ.

Толору кыамтаҕа таҕыстаҕына Соҕуруу Саха сирин ТЭС 313 МВт электроэнергияны оҥорон таһаарыаҕа. Билигин 110 МВт кыамталаах бастакы энэргиэтикэ блога үлэлиир. Өссө 110 МВт сыл бүтүөр диэри үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА