«Чугастааҕы күннэргэ былааннаммыт бастакы тиэйии түһүмэҕин чэрчитинэн, Өлөөҥҥө алта туонна ас-үөл тиэрдиллиэҕэ. Тиийэр таһаҕас састаабыгар сибиэһэй оҕуруот аһа, сымыыт, үүт аһылык, халбаһыы оҥоһуктара, эт полуфабрикаттара, ону тэҥэ «Амма» ТХПК ынах арыыта киириэхтэрэ. Тиэйиини экстремальнай намыһах температура усулуобуйатыгар үлэлииргэ анал бэлэмнээх үс массыынанан ыытыахтара», — диэн Сайдам Степанов эттэ.
Аныгыскы түһүмэх мууһунан айан суоллара аһыллыбыттарын кэннэ саҕаланыаҕа. «Хатас — Павловскай» уонна Алдан өрүһүнэн туоруур сирдэр ахсынньы ортотугар үлэҕэ киирэллэрэ күүтүллэр. Бу кэмтэн ыла АЭЛХ Үөһээ Дьааҥы, Орто Халыма уонна Үөһээ Халыма улуустарыгар аһы-үөлү тиэйэн саҕалыыр былааннаах.
Бу үлэ СӨ Арктиканы сайыннарыыга уонна Хотугу норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтин кытта бииргэ ыытыллар.



